Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

Ааспыт нэдиэлэҕэ Ил Түмэҥҥэ Саха Сиригэр 2022 с. Ийэ сылын түмүктэрин таһаарыыга уонна инники соруктары былаанныырга парламент истиилэрэ буолла.

Ааспыт нэдиэлэҕэ Ил Түмэҥҥэ Саха Сиригэр 2022 с. Ийэ сылын түмүктэрин таһаарыыга уонна инники соруктары былаанныырга парламент истиилэрэ буолла.

22ea4a28 191c 423d 9a74 de84446ba5ad

Мунньаҕы Ил Түмэн Дьиэ кэргэн уонна оҕо аймах дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова иилээн-саҕалаан ыытта, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Виктор Губарев, норуот дьокутааттара, бырабыыталыстыба чилиэннэрэ, уопсастыбаннай тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ, о.д.а. кыттыыны ыллылар. Сүрүн дакылааты СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова оҥордо.

Доруобуйа харыстабылын миниистирин солбуйааччы Любовь Бурнашева, Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Елена Калашникова, Ыччакка уонна социальнай коммуникацияҕа миниистири солбуйааччы Андрей Сосновскай, култуура миниистирин солбуйааччы Марина Силина, о.д.а. тыл эттилэр.

Дакылааттары түмэ тардан кылгастык кэпсээтэххэ, 2022 сылга биһиги Саха Аптаныамыйалаах Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэбит тэриллибитэ 100 сылын көрсүбүппүт, ону тэҥэ бу сыл Ийэҕэ анаммыта ураты суолталаммыта.

ҮЛЭ ТҮМҮКТЭРЭ

Ийэ сылыгар араас хабааннаах тэрээһиннэр, саҥа өйөбүл миэрэлэр олоххо киирдилэр. 2022 сылга Саха Сиригэр 11667 оҕо күн сирин көрбүт, ол иһигэр 6015 уол, 5652 кыыс. Кинилэргэ хас биирдиилэригэр 100 тыһ. солк. «Үйэ оҕолоро» эрэгийиэн хапытаала бэрилиннэ. Олортон 2729 дьиэ кэргэн хапытаалынан туһаммыт, маныаха көмө уопсай суумата 230 мөл. солк. тэҥнэстэ. Дьиэ кэргэттэр олорор усулуобуйаларын тупсарыннылар, саҥа тырааныспар атыыластылар, о.д.а. сыалга туһаннылар.

 «Дьиэ кэргэн» эрэгийиэннээҕи ийэ хапытаалыттан дьиэ кэргэттэргэ 30 тыһ. кэриҥэ суумалаах төлөбүр бэрилиннэ. Бу көмөнөн 5098 дьиэ кэргэн туһанна, уопсай суумата 149 мөл. солк. тэҥнэстэ. Оҕо иитэ ылбыт дьиэ кэргэттэргэ ый ахсын ананар босуобуйа икки төгүл үрдээтэ. Маныаха инбэлиит уонна 14 саастарын ааспыт оҕолорго үрдэтэр коэфициеннар туттуллаллар. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ көмө улаатар. Билиҥҥитэ өрөспүүбүлүкэҕэ 32,8 тыһ. кэриҥэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн олорор, ол иһигэр 5-тэн элбэх оҕолоохторо 2 тыһ. тахса.

Маны таһынан, «СӨ үлэ бэтэрээннэрэ» сокуоҥҥа уларытыы киллэрэргэ сокуон барыла оҥоһулунна. Сокуон барылынан Аартыка оройуоннарыгар олорор ийэлэргэ үлэ бэтэрээнэ аат иҥэриитин усулуобуйата уларыйар. Ол курдук, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан, түөрт оҕону төрөппүт уонна 8 сааһыгар диэри оҕолору иитэр ийэлэр 10 сылтан кырата суох страховой ыстаастаах буоллахтарына, үлэ бэтэрээнэ ааты ылар кыахтаннылар. Маннык чэпчэтиинэн «Дьоруой ийэ», «Ийэҕэ үрдүкү махтал» уонна «Ийэҕэ махтал» I, II, III истиэпэннээх судаарыстыбаннай наҕараадалары ылбыт ийэлэр эмиэ туһаныахтара.

Судаарыстыбаннай култуура уонна успуорт тэрилтэлэригэр биэстэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр босхо сылдьар буоллулар, оттон 3-4 оҕолоохтор икки төгүл чэпчэтиинэн туһаныахтара. Биэстэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр олорор усулуобуйаларын тупсарынарга сэртипикээт ылыахтара. Төлөбүр суумата дьиэ кэргэттэргэ бэриллэр социальнай төлөбүр 50%-гар тэҥнэһэр. Бу харчынан олорор дьиэ туттуохтара эбэтэр ипотека сорох чааһын төлүөхтэрэ.

Маны таһынан, Саха Сиригэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр сир учаастагын босхо ылар эмиэ бырааптаах. Бу сылтан учаастагы ылыан баҕарбат буоллахтарына, уу харчынан көмө оҥоһуллуоҕа. Бу харчыны кинилэр ипотеканы төлүүллэригэр эбэтэр дьиэ тутталларыгар уонна атыылаһалларыгар туһаныахтара. Бу курдук, үстэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр олорор усулуобуйаларын тупсарыыга көмө араас көрүҥүн талар кыахтаннылар. Оттон үс уонна онтон элбэх игирэ оҕоломмуттар олорор дьиэ тутталларыгар уонна атыылаһалларыгар биир кэмнээх харчынан көмө оҥоруу быраабылата уларыйда.

Бу миэрэ демографическай суолталаах. Саха Сиригэр төлөбүр тиийинэн олоруу алын кээмэйин ирдэбиллэриттэн тутулуга суох ананар, суумата дьиэ орто сыанатын 35%-гар тэҥнэһэр. Ааспыт Ийэ сылыгар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 2 тыһ. тахса араас тэрээһин ыытылынна. Ийэҕэ анаммыт сквердэри, болуоссаттары тупсарыыга уонна көҕөрдүүгэ үлэлэр бардылар. Өрөспүүбүлүкэҕэ ийэлэр уонна дьиэ кэргэттэр 325 кулууптара тэрилиннэ, ол иһигэр 290 тыа сиригэр. Кинилэр билигин даҕаны таһаарыылаахтык үлэлииллэр. Өрөспүүбүлүкэ таһымыгар маҥнайгы дьиэ кэргэн бэстибээлэ, Уһук Илин дьахталларын иккис пуорума, 15-с өрөспүүбүлүкэтээҕи дьахталлар сийиэстэрэ көхтөөх дьахталлары түмтэ.

Уһулуччу ийэлэргэ анаммыт араас кинигэлэр сүрэхтэннилэр. Ийэ оруолун уопсастыбаҕа үрдэтэр сыаллаах тэлэбидиэнньэнэн роликтары оҥордулар, хаһыаттарга анал балаһалар бэчээттэннилэр. Ол түмүгэр, дьиэ кэргэн үтүө холобурдарын билиһиннэриигэ социальнай рекламаҕа анаммыт федеральнай куонкурус «Видео-реклама», «Аудио-реклама» уонна «Бэчээт-рекламата» үс номинациятыгар Саха Сирэ маҥнайгы миэстэни ылары ситистэ. Өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ дойдубут көмүскээччилэрин өйүүр. Өрөспүүбүлүкэ ийэлэрэ уонна олохтоохторо «Ийэҕэ көмөлөһүөх», «Бары бииргэ», «Ийэ илиитин сылааһа» волонтердар хамсааһыннарыгар көхтөөхтүк кытталлар.

Элбэх оҕолоох уонна соҕотох ийэлэргэ, быстах хомуурга ыҥырыллыбыт буойуттар дьиэ кэргэттэригэр, кинилэр ийэлэригэр көмөнү тиһигин быспакка оҥороллор. Шефтэһии көмөтүнэн оройуоннарынан уонна куораттарынан 10-тан тахса оҕолоох дьиэ кэргэттэр хабылыннылар. Ийэ сылын чэрчитинэн, үөрэх тэрилтэлэригэр 6 тыһ. тахса араас таһымнаах тэрээһиннэр ыытылыннылар. Аас[1]пыт сылга төрөппүттэр иитии уонна үөрэтии үлэлэр күүһүрэллэригэр Ил Дархан иһинэн Төрөппүт Сэбиэтин тэрийэн, мунньахха 3 тыһ. тахса киһини түмтүлэр.

Сыл сүрүн соруктарыттан биирдэстэрэ - дьахтар доруобуйата. Маныаха араас хабааннаах үлэлэр ыытылыннылар. Ол иһигэр, аһаҕас ааннар, аахсыйалар буоллулар, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 136 тыһ. тахса дьахтар, профилактическай көрдөрүүгэ уонна диспансеризацияҕа хабылыннылар. Көһө сылдьар мэдиссиинэ биригээдэлэрэ «Акушерство уонна гинекология» уонна «Онкология» хайысхаларынан барыта 2882 дьахтары көрдүлэр. Ону сэргэ «Дьахтар доруобуйата» диэн саҥа бырайыак олоххо киирдэ. Бырайыак көмөтүнэн 4464 кэрэ аҥаардар анкетированиены аасты[1]лар, 2616 тахса өҥөнү туһаннылар. Кинилэр истэригэр 304 дьахтарга патология баара билиннэ, онон салгыы эмтэнэллэригэр маршрутизация оҥоһулунна. Онкопоисксаха.рф бырайыак чэрчитинэн, 228 киһи эбии чинчийиини ааспыттар, кинилэр истэригэр 13 искэн үөскээн эрэрэ биллибит.

Уопсастыбаннай тэрилтэлэр кыттыһан кыыс оҕо оруолун үрдэтиигэ араас тэрээһиннэри ыыппыттар. Дьахтар дьарыктаах буолуутугар болҕомто эмиэ күүһүрэр. Ил Дархан дьаһалынан социальнай хантараагынан көрүллэр көмө харчы суумата улаатта: урбаанньыттарга - 350 тыһ. солк., оттон кэтэх хаһаайыстыбаны кэҥэтэргэ 250 тыһ. солк. Бу көмөнөн 4752 тахса дьиэ кэргэн туһаммыт, уопсай өйөбүл харчы суумата 648,1 мөл.солк. тэҥнэспит. Бэйэ дьыаланы тэринэргэ 1000-тан тахса киһи анал куурустары ааспыт уонна вакансия дьаарбаҥкатыгар кыттыбыт.

Атыы-бырамыысыланнас балаататын иһинэн дьиэ кэргэн биисинэһин киинэ арыллан, уопсастыбаннай түмсүүлэргэ дьиэ кэргэттэри уонна ийэлэри өйүүргэ туһуламмыт граннарынан көрүллэр көмө харчы 10 төгүл үрдээбит. Өрөспүүбүлүкэ[1]тээҕи үс өрүттээх хамыыһыйа (профсойуус – үлэ биэрээччи – былаас) оробуочай бөлөҕө коллективнай дуогабарга уларытыы киллэрэргэ быһаарыы ылыммыттар. Ол чэрчитинэн, 7 саастарыгар диэри оҕолоох, инбэлиит оҕолоох уонна 3-тэн элбэх сокуоннай саастарын туола илик оҕолоох ийэлэргэ үлэлиир кыраапыктара сымныа. 13 тыһ. тахса дьахтар табыгастаах үлэ булунарга сайабылыанньа биэрбит, олортон 7,5 тыһ. тахса үлэ булуммуттар. 1184 кэрэ аҥаар эбии үөрэхтээһини ааспыт, саҥа идэни баһылаабыт.

СЫАЛЛАР, ИННИКИ СОРУКТАР

 «Үйэ оҕолоро» хапытаал өссө биэс сылга уһаан биэрдэ. Индексацияламмыт сууманан бэриллэр харчы быйыл 105 тыһ. солк. тэҥнэстэ. Олох ыарахан балаһыанньатыгар түбэспит дьиэ кэргэттэргэ аадырыстаах көмөлөр кэҥиэхтэрэ, ол иһигэр социальнай арыаллааһын быһыытынан өҥөлөр көрүллүөхтэрэ. Социальнай хантараак түһэрсиигэ 2023 сылга 1 млрд. солк. итэҕэһэ суох үп-харчы көрүллүөҕэ. «Ийэҕэ үрдүкү махтал» бэлиэ хаһаайыттарыгар 100 тыһ.солк. суумалаах биир кэмнээх төлөбүр олохтонуо.

 Дьокуускай куоракка дьиэ кэргэни уонна оҕолору өйүүр социальнай көмө киинин тутуута салҕаныа. «Оҕону үлэнэн иитии» бырайыак Дьокуускайдааҕы үөрэх тэрилтэлэригэр уонна дьиэ кэргэттэри кытта үлэлиир социальнай тэрилтэлэр иһинэн киириэҕэ. Үлэҕэ уопсастыбаннай тэрилтэлэр кыттыахтара.

Мунньах түмүгүнэн норуот дьокутааттара чопчулуур ыйытыктары биэрдилэр. Аартыка улуустарыгар көһө сылдьан үлэлиир мэдиссиинэ биригээдэлэрэ өҥөнү оҥороллоругар нэһилиэнньэни киэҥник хабалларыгар этии киллэрдилэр. Маны тэҥэ, оскуолаларга оҕолору итии аһынан хааччыйыыга көрүллэр үп-харчы үрдүүрүгэр баҕардылар. Дьокутааттар туруорсубут этиилэригэр уонна ыйытыктарыгар биэдэмистибэлэр толору хоруйдары суругунан биэриэхтэрэ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением