Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

Сунтаар улууһун үс улахан нэһилиэгэр Сунтаарга, Тойбохойго, ол иҺигэр бүгүн, олунньу 15 күнүгэр, Элгээйигэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай мунньаҕын (Ил Түмэнин) дэлэгээссийэтэ үлэлээтэ.

Сунтаар улууһун үс улахан нэһилиэгэр Сунтаарга, Тойбохойго, ол иҺигэр бүгүн, олунньу 15 күнүгэр, Элгээйигэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай мунньаҕын (Ил Түмэнин) дэлэгээссийэтэ үлэлээтэ.

Дэлэгээссийэҕэ Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев, Ил Түмэн үөрэххэ, билимҥэ, култуураҕа, киэҥник иһитиннэрии тэриллэригэр уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Феодосия Габышева, Ил Түмэн бэйэни салайыныыга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев, Ил Түмэн Хонтуруоллуур кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Николаев, Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев, улуус дьокутататарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Ульяна Попова, улуус үөрэҕириитин управлениетын салайааччыта Альберт Иванов уо.д.а.бааллар.

Дэлэгээссийэни "Елочка" уһуйааҥҥа, Айылҕа түмэлигэр, Уйбаан Нуолур аатынан модельнай бибилэтикэҕэ нэһилиэк баһылыга Павел Григорьев илдьэттии сылдьан үлэни-хамнаһы, инники соруктары билиһиннэртээтэ.

Дьокутааттар Элгээйигэ сылдьыыларын сүрүн соруга - тутуллуохтаах социальнай эбийиэктэри көрүү-билсии. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэҕэ тыа сирин сайыннарар бырагырааманан Сунтаар улууһуттан Ил Түмэн дьокутаата Андрей Николаев уонна Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Никифорович туруорсууларынан федеральнай былааҥҥа киирбит Элгээйигэ тутуллуохтаах 90 миэстэлээх уһуйаан тутуута ханнык да балаһыанньаҕа 2023-2024 сылларга саҕаланыа диэн эттилэр.

Айылҕа түмэлигэр сылдьан уопуттаах экскурсовод Терентий Татаринов баай ис хоһоонноох кэпсээнин иһиттилэр, эдэр орнитолог Никита Никитин ураты талаанын, көтөр саҥатын үтүктэрин сөҕө иһиттилэр. Бу ураты дириҥ баай Айылҕа түмэлин дьиэтэ саҥа тутулларын сөптөөҕүнэн быһаардылар уонна дьокутааппытыгар Андрей Юрьевичка бу боппуруоһу күүскэ туруорсарыгар эттилэр. Ил Түмэн дьокутааттарыгар оройуон киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Анатолий Назаров Элгээйи балыыһата тутуллуохтаах сирин-уотун көрдөрдө. Уһуйаан, түмэл, балыыһа дьиэлэрэ чахчы эргэрбиттэрин бэлиэтээтилэр.

Онон СӨ судаарыстыбаннай мунньаҕын (Ил Түмэнин) дэлэгээссийэтэ бэйэлэрэ үлэни-хамнаһы, тутуллуохтаах дьиэлэр туруктарын миэстэтигэр кэлэн көрөн, үлэһиттэри кытта кэпсэтэн барбыттара үтүө түмүктэри эрэ аҕалыа диэн эрэллээхпит.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением