Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

Күн бүгүн хамнас сыана үрдүүрүттэн олох ырааҕынан хаалан иһэр. Ыам ыйынааҕы Ыйаахха киирбэтэх кыра дохуоттаах дьон хамнаһын үрдэтэргэ туох үлэ ыытылларый?  Бу үгүс дьону долгутар сытыы ыйытыкка СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ уонна Ил Түмэн бүддьүөккэ, үпкэ-харчыга, нолуок уонна сыана бэлиитикэтигэр сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Николаев хоруйдаатылар.

Күн бүгүн хамнас сыана үрдүүрүттэн олох ырааҕынан хаалан иһэр. Ыам ыйынааҕы Ыйаахха киирбэтэх кыра дохуоттаах дьон хамнаһын үрдэтэргэ туох үлэ ыытылларый?  Бу үгүс дьону долгутар сытыы ыйытыкка СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ уонна Ил Түмэн бүддьүөккэ, үпкэ-харчыга, нолуок уонна сыана бэлиитикэтигэр сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Николаев хоруйдаатылар.

Орто хамнас 96 тыһ. солк.

Статистиканы көрдөххө, саамай үрдүк хамнас сир баайын хостуур бырамыысыланнаска төлөнөр, 2022 с. сэтинньитигэр ааҕыллыбыт орто хамнас 156 тыһ. солк., тимир уруудатыгар – 179. Онтон тутууга –  104, атыы-эргиэн эйгэтигэр –  58, үгэс быһыытынан кыра хамнас тыа хаһаайыстыбатыгар –  51 уонна полиграфическай салааҕа –  47 тыһ. солк.  Итинтэн 13% нолуогу көҕүрэттэххэ, өссө аччыыр. Эт, үрүҥ ас сыаната хас да төгүл үрдээбитин үрдүнэн тыа хаһаайыстыбата син биир кыра хамнастаах диэн ыйыллыбыта дьикти.  

Бары салаалары холбоон, өрөспүүбүлүкэҕэ 2022 с. сэтинньитигэр ааҕыллыбыт орто хамнас –  96 тыһ. солк. Көстөрүн курдук, Саха Сиригэр хамнас араастаһыыта улахан, дьон-сэргэ социальнай өттүнэн арахсыыта кэҥээн иһэр.

Былырыын байыаннай эпэрээссийэ саҕаланыаҕыттан табаар уонна өҥө сыаната сыаптаах ыты босхо ыыппыттыы төлө баран эмискэ үрдээтэ, ону кытта нэһилиэнньэ дохуота таҥнары түстэ.    

Статистика дааннайынан, инфляция 11,94% тиийдэ, аан дойду үрдүнэн хамсык дьаҥа дьону түөрт эркиҥҥэ хаайар кэмигэр 2020 с. баара-суоҕа 4,9% этэ, оттон 2019 с. – 3%. Билигин инфляция үрдээн, бырамыысыланнаска үлэлээбэт боростуой дьон хамнаһа күннээҕи астарыгар эрэ тиийэр, оттон миэбэлгэ, олох-дьаһах тиэхиникэтигэр дураһыйбаккын даҕаны. 

Хамнас 6,3% үрдүөҕэ

СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, сыана ыараата даҕаны, хамнас эмиэ эбиллэн иһиэхтээх. Ол туһунан РФ Үлэҕэ кодексатын 134 ыст. этэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ хамнаһы үрдэтэргэ СӨ Бырабыыталыстыбатын, СӨ Идэлээх Сойуустарын федерациятын уонна СӨ Табаары оҥорон таһаарааччылар Сойуустарын (Үлэ биэрээччилэр эрэгийиэннээҕи түмсүүлэрин) икки ардыгар үс өрүттээх сөбүлэһии баар. Онон 2023 с. бүддьүөт үлэһиттэригэр хамнас үрдүөхтээх. Бастатан туран, дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыам ыйынааҕы Ыйааҕар киирбит үлэһиттэргэ эрэгийиэн орто хамнаһыгар 100-200% эбиллиэхтээх. 

Оттон «атыттар» диэн үрдүк үөрэхтээх, идэлэрин толору баһылаабыт, уопуттаах үлэһиттэр хамнастара былырыын баара-суоҕа 10% үрдээбитэ. Ыам ыйынааҕы Ыйаахха киирбит бүддьүөт үлэһиттэригэр хамнас 2022 с. иккитэ үрдэтиллибитэ.

Иккиһинэн, федеральнай сокуонунан көрүллүбүт хамнас алын кээмэйигэр оройуоннааҕы эбилик ааҕыллар, ол кээмэйэ өрөспүүбүлүкэҕэ тиийинэн олоруу кээмэйиттэн кыра буолуо суохтаах.

Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр олоҕуран, 2023 с. «атыттар» хамнастара 6,3% үрдүөхтээх.  

Экэниэмикэ бары салаатын үлэһиттэрин хамнаһын ааҕан, статистика муус устар ыйга биирдэ оҥоһуллар. Ол ааҕыы түмүгэр бүддьүөт үлэһиттэригэр хамнас сыл ортотугар, эбэтэр бүтүүтүгэр биирдэ үрдүүр, дьиҥэр, хамнас сыл саҥатыгар эбиллиэхтээх этэ. Хамнас хойутаан үрдээн, сыана күн-түүн үрдүү турар кэмигэр улахан туһаны аҕалбат. СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ чуолкайдаабытынан, ыам ыйынааҕы Ыйаахха киирбэтэх үлэһиттэр квалификацияларыттан уонна үлэлэрэ төһө ыараханыттан көрөн, хамнастарын өрө көтөҕөргө үлэ барыахтаах.  Оччотугар, 24 тыһ. кэриҥэ араас идэлээх исписэлиистэр: ветеринардар, агрономнар, зоотехниктар, инженердар, буҕаалтырдар, экэнэмиистэр, суоппардар, о.д.а. хамнастара эбиллиэ этэ.

Үрдүк үөрэхтээхтэр хамнастара кыра

2023 с. тохсунньу 1 күнүттэн хамнас алын кээмэйэ Дьокуускайга 40 тыһ. солк., хоту улуустарга 45 тыһ. солк. тиийдэ.  Алын хамнас кээмэйигэр, дьиҥэр, анал үөрэҕэ, баһылаабыт идэтэ суох дьон үлэлиэхтээх этилэр, ону ыам ыйынааҕы Ыйаахха киирбэтэх «атыттар» диэн үрдүк үөрэхтээхтэр күн бүгүн оробуочайтан даҕаны кыра хамнастаахтар. Онон кэлиҥҥи кэмҥэ сорох идэлэргэ үрдүк үөрэх суолтата түстэ.

Ыам ыйынааҕы Ыйаахха киирбит быраастар, учууталлар, култуура үлэһиттэрин кытта «атыттар» хамнастара уруккунан хаалбакка эмиэ  үрдэтиллэн иһиэхтээх этэ. Ити үлэ кыайан барбакка, хамнас араастаһыыта, дьон социальнай өттүнэн арахсыыта кэҥиир. Олохтоох бүддьүөттэн ититиигэ, хомунаалынай өҥөҕө үгүөрү үп-харчы көҕүрүүр, ону уйунарга федеральнай субвенция кээмэйин үрдэтиэххэ наада.  Санаан да көрдөххө, тиийинэн олоруу кээмэйэ аччыырыттан киһи өйө-санаата татым буолар, сарсын аһылыгын хааччынарын, кирэдьиитин, ипотекатын  тугунан төлүүрүн толкуйдуу сылдьан, судаарыстыба ыытар тэрээһинигэр көхтөөхтүк кыттыбат.

Урбаанньыт ахсаана эбиллэр

Нэһилиэнньэ дьадайыытын көрдөрүүтүн аччатарга, инфляцияттан кырата суох дьон дохуотун үрдэтэргэ 2020-2030 сс. үлэлиир эрэгийиэннээҕи бырагыраама оҥоһуллубута. Ону ситиһэргэ орто уонна билиҥҥи хамнас кээмэйэ үрдүөхтээх, нэһилиэнньэ дохуота инфляция үрдүүр кээмэйин куоһарыахтаах, кыаммат ыалга социальнай көмө оҥоһуллуохтаах, социальнай адаптация тэриллиэхтээх.

Арҕаа дойдулар сааҥсыйа биллэрбит уустук балаһыанньатыгар өрөспүүбүлүкэ салалтата нэһилиэнньэни өйүүргэ, дьон дьарыктаах буоларын ситиһэргэ, экэниэмикэни бигэ туруктаах оҥорорго ылсан күүстээхтик үлэлиир. 

Холобур, урбааны өйүүргэ бары салааларга судургутуллубут систиэмэнэн нолуокка саамай кыра ыстаапка көрүлүннэ, чэпчэтиилээх сойуом бэриллибитэ. Ити ыытыллыбыт үлэ түмүгэр дьоҕус уонна орто урбааҥҥа үлэлиир дьон ахсаана 122 тыһ. киһиэхэ диэри улаатта.

Маны таһынан, 8-17 диэри саастаах оҕолоох дьон бары босуобуйа ылаллар. Социальнай хантыраакка көрүллэр харчы кээмэйэ эмиэ улаатта. Үлэтэ суох дьону «Олохтоох каадырдары — бырамыысыланнаска» бырайыак чэрчитинэн хамнастаах үлэҕэ киллэрии салгыы ыытыллар.

Бүддьүөт 51%-на –социальнай эйгэҕэ

 Юрий Николаев, Ил Түмэн бүддьүөккэ, үпкэ-харчыга, нолуок уонна сыана бэлиитикэтигэр сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:

- Былырыын Кардиологическай киин аһыллыбыта, итиэннэ Онкодиспансер аһыллыахтаах, онно үрдүкү технологиялаах оборудованиеҕа үлэлиир инженердэр хамнас алын кээмэйиттэн да кыраны ылаллар. Аны оннук идэлээх дьон ханна да көстүбэттэр, ол иһин хамнастарын эбэн биэрбиппит.

Ыам ыйынааҕы ыйаахха киирбэтэх үлэһиттэр хамнастара быйыл 6,3% үрдүөҕэ, онтон эбии сууманы бүддьүөккэ көрөр кыахпыт суох. Идэлээх сойуустар этэллэринэн, инфляцияны сырыһыннаран, хамнаһы үрдэттэхпитинэ социальнай эбийиэктэри кыайан туттарыахпыт суоҕа. Бүддьүөккэ доруобуйа харыстабылыгар көрүллүбүт үп 85% хамнаска барар, сыл ахсын хамнас өлүүтэ үрдүүр. Быраастар: «Эргэрбит балыыһаларга өрөмүөн тоҕо барбатый?» — диэн ыйыталлар. Ордубут 15% балыыһаны барытын өрөмүөннүүр кыаллыбат.

Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн 51% социальнай эйгэҕэ ыытыллар, ороскуот дохуоппутуттан 20-30% үрдүк. Киирэр дохуоту барытын хамнаска ыыттахха, оскуоланы, оҕо уһуйаанын хайдах туттарабыт, ититиини хайдах хааччыйабыт? Онон бүддьүөт, бастатан туран, биир тэҥ буолуохтаах. Хамнас үрдээһинэ, хомойуох иһин, сыана үрдээһиниттэн хаалан иһэр. «Атыттар» диэн ыам ыйынааҕы Ыйаахха киирбэтэх үлэһиттэр хамнастарын былырыын 10% үрдэттибит, онтон хамнас алын кээмэйэ үрдээн, көдьүүһэ суох буолан таҕыста. Докумуоҥҥа киирбит үлэһиттэр хамнастарын эрэгийиэн орто хамнаһыттан 200% диэри үрдэтэргэ федеральнай үп-харчы кэлэр. «Атыттар» хамнастарын үрдэтиини төһө дохуот киирэринэн бэйэбит кыахпытынан көрөбүт.

Ыйаахха киирбэтэх үлэһиттэргэ хайдах да эрэгийиэн үрдүнэн орто хамнаһы төлүүр кыахпыт суох. Бүддьүөт 10 млрд. солк. дэписииттээх олорор. Ититиини төлүүргэ күн бүгүн бу сыллааҕы 13 млрд солк. көрүллэ  илик. Нэһилиэнньэ уокка миллиардынан иэстээх. 

Түмүккэ

 Ыам ыйынааҕы Ыйаахха киирбэтэх дьон хамнастарын үрдэтэргэ федеральнай киинтэн эбии үп-харчы киирбэт, онон олохтоох бүддьүөт суотугар күн бүгүн хайдах даҕаны хамнаһы тэҥниир кыах суох диэн быһаардылар. Сүүһүнэн тыһыынча саамай үрдүк хамнас бырамыысыланнаска баар, ону таһынан, урбааҥҥа үлэлииргэ табыгастаах усулуобуйа тэрилиннэ: нолуок муҥутаан түстэ, чэпчэтиилээх сойуом, субсидия, грант арааһа элбээтэ. Онон үлэлиэн баҕалаах киһи хайа баҕарар кириисискэ өрө тахсыан сөп.

  • 1
  • 1
  • 1
  • 1
  • 0
  • 2

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением