Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Ил Түмэн 43 (уочараттаах) пленарнай мунньаҕар норуодунай дьокутааттар «2023 с. уонна кэлэр 2024-2025 сс. СӨ судаарыстыбаннай бүддьүөтүн» туһунан сокуоҥҥа уларытыы киллэрэр сокуон барылын ылыннылар. Бүддьүөт тутулугар киирэр уларыйыы туһунан СӨ Үбүн миниистирэ Валерий Жондоров иһитиннэрдэ

Ил Түмэн 43 (уочараттаах) пленарнай мунньаҕар норуодунай дьокутааттар «2023 с. уонна кэлэр 2024-2025 сс. СӨ судаарыстыбаннай бүддьүөтүн» туһунан сокуоҥҥа уларытыы киллэрэр сокуон барылын ылыннылар. Бүддьүөт тутулугар киирэр уларыйыы туһунан СӨ Үбүн миниистирэ Валерий Жондоров иһитиннэрдэ

8a04991d c3a4 4868 bd37 5d4d1b544377

Быйыл судаарыстыбаннай хааһына дохуоттаах чааһа 23 млрд 545 мөл. солк. улаатан, барыллаан көрүүнэн, 296 млрд 409 мөл. тиийиэхтээх.

Нолуоктан уонна атын салааттан киирэр дохуот 10 млрд 852 мөл. солк. улааппыт. Судаарыстыбаннай уонна атын тэрилтэлэртэн (холобур, ПАО «РусГидро»), федеральнай бүддьүөттэн босхо (безвозмезднай) үп киириитэ барыта холбоон, 12 млрд 693 мөл. эбиллибит. Бу хайысханан «Куттала суох, хаачыстыбалаах суол» национальнай бырайыак чэрчитинэн, субсидия көрүллэр. Куорат табыгастаах эйгэтин хааччыйарга 80 мөл. солк. тыырыллыбыт.

Манна даҕатан эттэххэ, сир баайын хостуурга көрүллэр нолуок ыстаапката улаатан, алмаастан киирэр нолуок 10,2 млрд улааппыт. Коксаланар таас чоххо сыана үрдээн, бу салааҕа көрүллэр нолуок 592 мөл. солк. эбиллибит.

Үлэ төлөбүрүн пуондата 3,3 млрд солк.  улаатыаҕа

2023 с. бүддьүөт ороскуоттаах чааһа 55 003 572 тыһ. солк. улаатан, 337 967 042 тыһ. солк. тиийиэҕэ.

Бүддьүөт ороскуотун 337,9 млрд солк. үбүттэн социальнай эйгэҕэ 15,9 млрд ыытыахтара. Үлэ төлөбүрүн пуондата 3,3 млрд солк.  улаатыаҕа.  

2023 с. муус устар 1 күнүттэн “атыттар” диэн ааҕыллар бүддьүөт үлэһиттэригэр хамнас 6,3% үрдүүрүгэр  2,6 млрд солк. көрүллүбүт. Бу сыл муус устар 1 күнүттэн 1,2 млрд солк. үлэһиттэр дуоһунастарыттан, үлэлэрин ноҕуруускатыттан көрөн, хамнаска эбии төлөбүр оҥорорго ыытыахтара.   

Былырыын сыл саҥатыгар байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан, омук сириттэн киирэр табаар хааччахтанан, сыана хас да төгүл ыараабыта. Оннооҕор дуолларга сыһыана суох Чурапчы арыыта 500 солк. 1300 солк. тиийдэ. Омук табаарыттан тутулуга да суох урбаанньыттар үөскээбит балаһыанньаны тутуһан, халыҥ харчыны харбыалаһан, сыаналарын ый ахсын үрдэтэн иһэллэр. Олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарабыт диэн судаарыстыба кинилэри хайдах да иҥсэлэрин хам баттыыр кыаҕа суох. 2023 с. бүтүүтэ инфляция 13,4% тиийэр чинчилээх, оттон хамнас 6,3%  үрдээбитэ сыана ыараан иһэрин кыайан сиппэт. Онон дьон маҕаһыыҥҥа киирэн, баҕарбытын атыылаһар кыаҕа лаппа түстэ.

Олохтоох авиацияны өйүүргэ 573 мөл. солк.

Валерий Жондоров этэринэн, Аартыка оройуоннарыгар дьон сырыытын хааччыйарга 111 мөл. солк. эбии көрүллүбүт, салгын тырааныспарын салаатын өйүүргэ 573 мөл. солк. биэриэхтэрэ. Инвестиционнай бырагыраамаҕа 4,3 млрд солк. тыырылынна.  

2024 с. бүддьүөт ороскуота 3 159 952 тыһ. солк. улаатан, 271 423 323 тыһ. солк. буолуоҕа.

2025 с. бүддьүөт ороскуота 626 058 тыһ. солк. улаатан 256 535 953 тыһ. солк. тиийиэҕэ.

Быйыл бүддьүөт дэписиитэ  31 458 301 тыһ. солк. улаатан,  41 557 841 тыһ. солк. буолуоҕа.

2024 с. дэписиит 577 173 тыһ. солк. улаатан, 2 894 820 тыһ. солк., оттон  2025 с.  бүддьүөт дэписиитэ 626 058 тыһ. солк. эбиллэн, 1 844 558 тыһ. солк. буолара күүтүллэр.

Онкологическай киин үбүлээһинэ тоҕо кыччаата?

Миниистир Валерий Жондоров дакылаатын истэн баран норуодунай дьокутааттар үп-харчы кээмэйин чуолкайдаан, араас хабааннаах ыйытыктары биэрдилэр.

Ил Түмэн дьиэ кэргэн, оҕо дьыалатыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова былаан быһыытынан, аны күһүн аһыллыахтаах Онкологическай киин үбүлээһинэ тоҕо 600 мөл. солк. кэриҥэ кыччаабытын, дьон күүтэр сыаналаах оборудованиетын хаһан атыылаһалларын туһунан ыйытта. 

«Өрөспүүбүлүкэ инвестиционнай бырагырааматын биир бөдөҥ эбийиэгин аны күһүн балаҕан ыйыгар-алтынньыга туттарыахтара. 2022 с. тутуу матырыйаала, медицинскэй оборудование сыаната ыараабыта. Быйыл 1,7 млрд солк. көрүллүөхтээх, онон наадалаах оборудованиены атыылаһарга күрэстэһэр тэрилтэлэри көрдүүр үлэ саҕаланыан сөп», — диэтэ Валерий Жондоров.

Үбүлээһин тоҕо кыччаабытын СӨ Тутуутун миниистирэ Павел Кылатчанов сыана  үрдээбитигэр ааҕыллыбыт симиэтэ дьиҥ олоххо сөп түбэспэтэҕинэн быһаарда.

 

Нэһилиэнньэ дьадайыытын тохтоторго

Кэнники биэс сыл иһигэр нэһилиэнньэ дьадайыытын тохтоторго бырабыыталыстыба туох үлэни ыыппытын, 2023 с. тугу былаанныырын туһунан парламент вице-спикерэ Виктор Губарев туоһуласта. Кини 160 000 киһи  нэһиилэ тиийинэн олоруу кээмэйиттэн намыһах дохуоттааҕын (ыйга 26 000 солк. кыра тиксэрин) ыйда.

«2022 с. түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ нэһилиэнньэ дьадайыыта 16,1%  кыччаата. Бастакытынан, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 8-18 диэри саастаах оҕолоох дьиэ кэргэни өйүүргэ анаммыт соругун толорорго Саха Сиригэр 17 млрд солк. үп көрүлүннэ.

Иккиһинэн, дьарыктаах буолууну тэрийэргэ уопсастыбаннай үлэттэн саҕалаан, атын идэҕэ тиийэ үөрэтэллэр. «Олохтоох дьону — бырамыысыланнаска» бырагыраама чэрчитинэн, 48 000 киһи хамнастаах үлэнэн хааччылынна. Күн бүгүн 45 хампаанньаны кытта дуогабар түһэрилиннэ, кинилэр испииһэктэрэ хаҥатылла турар. 

Үсүһүнэн, урбаанньыттары өйүүргэ улахан үлэ оҥоһуллар, кинилэргэ нолуок саамай намыһах ыстаапката олохтоммута, чэпчэтиилээх кирэдьиит бэриллэр.

Быйыл бу бырагыраама эмиэ салҕаныа», — диэн хоруйдаата Валерий Жондоров.    

Виктор Губарев 17 млрд солк. үп көрүллэр түгэнигэр, өрөспүүбүлүкэҕэ биир да дьадаҥы киһи суох буолуохтааҕын чиҥэтэн эттэ. Саҥа төрөөбүт ийэлэргэ оҕо 1,5 сааһыгар диэри  босуобуйа төлөнөр, дьиҥэр, 3 сааһыгар  диэри туруорсубуппут көҥдөй этиинэн хаалла диэн хоруйунан астымматаҕын биллэрдэ.

Аартыка оройуоннарыгар сөмөлүөт билиэтин субсидиялааһын туһунан ыйытыкка СӨ Үбүн миниистирэ АН-24 сөмөлүөккэ 9 миэстэ субсидияланарын, билиэт сыанатыттан 60% чэпчэтии оҥоһулларын туһунан иһитиннэрдэ.

ОДьКХ салаатыгар 25 млрд солк.

Любовь Явловская аһара халыҥ хаар түһэн, куорат ууга устан, итинник быһыы-майгы хатыламматын туһугар ОДьКХ эйгэтигэр эһиил төһө үп көрүллэрин ыйыталаста.

«Хомунаалынай хаһаайыстыба тэрилтэлэрэ ситэри ылбатах дохуоттарын толуйарга 25 млрд солк. көрүллэр, быйыл ити сууманы 10 млрд улаатыннардыбыт. Дьокуускай ОДьКХ үбүлээһинин туһунан Куорат Дууматыттын чуолкайдыахха наада», — диэтэ миниистир.

Софрон Афанасьев күһүҥҥү быыбарга уопсастыбаннай хонтуруолу оҥорорго көрүллэр үп туһунан ыйытык биэрдэ.

Быыбар легитимнэй буоларын хааччыйарга видеокамера туруоруохтара, итиэннэ быыбардыыр учаастакка уопсастыбаннай кэтээн көрөөччүлэр үлэлиэхтэрэ. Хас биирдии учаастакка үстүү киһи баар буолуоҕа, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн кинилэр ахсааннара 2500 тиийиэҕэ.

Ил Түмэн бүддьүөккэ, үпкэ-харчыга, нолуок уонна сыана бэлиитикэтигэр сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Юрий Николаев өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр киирэр уларыйыы бырайыага бастакы уонна тиһэх ааҕыыга биһирэнэрин биллэрдэ.

Рекорднай суумалаах бүддьүөт

Пленарнай мунньах түмүгэр Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев:  «339 млрд солк. ороскуоттаах, урукку сыллары кытта тэҥнээн көрдөххө, рекорднай суумалаах бүддьүөтү ылынныбыт. Былырыын ороскуоппут 328 млрд солк. этэ. 

Ол да буоллар, федеральнай судаарыстыбаннай үөрэх стандартын ороскуотун толору уйунарга уонна хомунаалынай эйгэни субсидиялыырга, сорох судаарыстыбаннай, муниципальнай тэрилтэлэри хааччыйарга үппүт тиийбэт. Онон эбии үп көрдүүргэ күүскэ үлэлиэхпитин наада», — диэн эттэ.

Кэлэр 44-с (уочараттаах) пленарнай мунньах бэс ыйын саҥатыгар, оттон 45-с от ыйыгар буолара күүтүллэр.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением