Бу Эрмитаж императорскай тыйаатыра 1783-1787 сыллардаахха Италия архитектора Джакомо Кваренги бырайыагынан Кыһыҥҥы дыбарыаска сыста тутуллубута. Ол кэмтэн ыла саамай бастыҥ кэлэктииптэр эрэ тыйаатыр сыанатыгар тахсаллар. Онон Саха Сирин Кыыл Уолун аатын сүгэр Үҥкүү тыйаатырын испэктээгин манна көрдөрбүттэрэ – үрдүк статустааҕын туоһута.
Быйылгы гастроль Арассыыйа норуоттарын култуураларын үйэлээх баайын, итиэннэ Саха АССР тэриллибитэ 100 сылларыгар ананна. 2017 сыллаахха туруоруллубут «Үрүҥ Күн Айыы оҕолоро» этнобалеты Санкт-Петербург, итиэннэ Москуба олохтоохторугар билиһиннэрдилэр.
Испэктээк муусукатын биллэр композитор Рашид Калимуллин суруйбута. Кини Арассыыйа уонна Татарстаан норуодунай артыыһа. Быйыл үбүлүөйдээх сааһын туолбута афишаҕа эмиэ бэлиэтэннэ. Либретто ааптардарынан саха труппатын уус-уран салайааччыта Светлана Бессонова уонна Георгий Ковтун буолаллар. Манна даҕатан эттэххэ, Георгий Ковтун режиссер уонна хореограф-туруорааччы быһыытынан эмиэ үлэлэспит. Кини Н.А. Римскэй-Корсаков аатынан Ленинградтааҕы консерватория выпускнига, уһулуччулаах хореограф Николай Боярчиковка үөрэммитэ. Санкт-Петербург көрөөччүлэригэр киэҥник биллэр театральнай диэйэтэл, «Спартак» балета Михайловскай тыйаатыр репертуарыттан хаһыс да сылын түспэт.
«Үрүҥ Күн Айыы оҕолоро» балет сюжета саамай хоту олорор түүрдэр – сахалар – омук быһыытынан төрүттэниилэрин үһүйээнигэр олоҕурар. Балет бүтүннүү таптал сырдык иэйиитинэн илгийэр – кэргэҥҥэ, оҕоҕо, төрөппүккэ, төрөөбүт дойдуга, чугас дьоҥҥор.
Үрүҥ Күн Айыы (Николай Павлов) Ийэ Бөрөттөн (Саина Винокурова) уонна эдэркээн Таас Тимиртэн (Сергей Алексеев) саҥа удьуор ууһун төрүттүүр. Ийэ Бөрөҕө бу кыыл үтүө өрүттэрэ барыта баар: бэриниилээх буолуу, хорсун санаа, кыайыыга дьулуур. Саина Винокурова оруолун олус итэҕэтиилээхтик оонньоото, тапталлааҕар нарын иэйиитин, өстөөхтөрүгэр кырыктаах сыһыанын, уолугар кыһамньытын, булгуруйбат модун санаатын -- барытын бэркэ көрдөрдө, уобараһын толору арыйда. Кини араас тургутуулары олоҕор көрсөр: Хара Хаан ойуун (Семен Кузьмин) бииһин ууһа саба түһэр, кыргыһыы толоонугар тапталлаах кэргэнин Таас Тимири сүтэрэр...
Ийэ Бөрө уонна Таас Тимир тапталларын туоһута – соҕотох оҕолоро Тимир Уол. Кини күн сирин көрүүтэ – туруорааччы биир эмиэ улахан сатабыла, мындыр толкуйа. Ол курдук, тыһыынчанан хараҕы фокус курдук баайар трюк көмөтүнэн Ийэ Бөрө иһиттэн эһээхэй, ытаан бэбээрбитинэн, орто дойдуга кэлэрин бэркэ дьүһүйбүттэр. Бу оруолу Айылхан Эверстов бэркэ толордо. Кини кыайыы сырдык сарыалын саҕар бухатыыр буолуохтааҕа тута быһыытыттан-таһаатыттан, туттарыттан-хаптарыттан көстөр. Улааппыт дьоруойугар олус майгынныыра эмиэ дьон сэҥээриитин ылла. Ол кистэлэҥэ – кини бухатыыр улааппытын оонньуур артыыс төрөппүт оҕото.
Тимир Уол (Василий Эверстов) саба түһээччилэри утары охсуһууну салайар, Хара Ойуун уола Хара Суору (Эдуард Жирков) кылбардык кыайар, кэрэчээн Айыы Куону (Валентина Аммосова) кытары дьолун булар.
Араас оһоллору-моһоллору туораан, бу дьон улуу Өлүөнэ кытылыгар тиксэн, онно олохсуйаллар. Үрүҥ Күн Айыы кинилэргэ сир күндү баайын – алмаастары -- бэлэхтиир. Маныаха саха алмаастара халлаантан күлүмүрдээн түһэллэрин мындырдык толкуйдаан оҥорбуттар.
АБЫЗОВА Лариса Ивановна, профессор, кандидат искусствоведения
В Академии Русского балета имени А.Я. Вагановой преподаёт дисциплины: история балетного театра; история и теория хореографического искусства; русский балет XX–XXI веков; наследие и репертуар балетного театра; методика преподавания балетоведения; балетная критика.
Испэктээк ситиһиитэ сценографияттан уонна худуоһунньук Олег Молчанов көстүүмнэриттэн эмиэ улахан тутулуктаах. Көрүөх бэтэрээ өттүгэр көрөөччүнү аллараа дойдуттан үөһээ дойдуга тиэрдэр, өстөөх сиригэр-уотугар сырытыннаран ылар, Өлүөнэ биэрэгэр аҕалар дьоҕус, уларыйа турар декорациялары туһаммыттара, хата, үҥкүүлүүр миэстэни аччаппатах, хамсанарга киэҥ-куоҥ буолбут. Үрүҥ Күн Айыы таҥаһа остуоруйалыы оһуобай оҥоһуулаах, оттон өстөөхтөр илдьиркэй хара таҥастара кутталынан суоһуур. Ийэ Бөрө удьуор ууһун таҥастара национальнай колориттаахтар, онуоха дьиҥнээх бөрө тириитин туһаммыттара кэрэхсэбиллээх.
Испэктээк муусуката этническэй ырыалааҕа (хормейстер Светлана Смирнова) уонна норуодунай инструменнарынан доҕуһуоллааҕа ураты тыынныыр. Тыйаатыр Руслан Габышев курдук инструменнары оҥорор маастар, импровизатор-солист кинилэргэ үлэлииринэн киэн туттара оруннаах.
Национальнай оркестр доҕуһуолун композитор Рашид Калимуллин партитураҕа тоҕоостоохтук киллэрэн биэрбитэ тыаһынан-ууһунан киэргэтиитин тупсарар. Уопсайынан, испэктээк Кыыл Уолун аатынан Үҥкүү тыйаатырын иһинэн национальнай инструменнар оркестрын хаачыстыбалаахтык уһуллубут муусукатын доҕуһуолунан барда (музыкальнай салайааччы уонна сүрүн дирижер – Николай Петров).
Хореография киэҥ хабааннаахтык туруоруллубут. Лирическэй түгэннэри чаҕылхай пантомимнай сыаналар солбуйаллар. Үөһээ дойду хартыынатын араас жанрдартан быһа тардыылар уларыталлар. Көҥүл туһугар охсуһууну кытары юмор сэргэстэһэ хаамсар. Холобур, Алексей Максимов уонна Семен Дьяконов толорууларыгар ат үҥкүүтэ көрдөөх-көрүдьүөстээх. Испэктээк хореографията араас өрүттээх эрэ буолбакка, уустук хамсаныылардаах. Солистар комбинацияларыгар цирк трюктарын кыбыталлар. Манна маассабай үҥкүүтэ элбэҕэ сөхтөрдө: өрөгөй үҥкүүтэ, сиэр-туом үҥкүүлэрэ, бухатыырдар үҥкүүлэрэ. Маныаха кордебалет тэбис-тэҥ кырасыабай хамсаныыларын бэлиэтиир тоҕоостоох.
Георгий Ковтун – олоххо элбэҕи көрбүт уопуттаах маастар буолан, тыла-өһө баай. Манна «Гаянэ», «Спартак», Борис Эйфман балеттарын цитаталара туһаныллыбыттар. Ол туора-туспа этиилэри атыҥырыы истибэтибит, төттөрүтүн, ис хоһоонун кэҥэтэн, байытан биэрдилэр.
Испэктээккэ оһуохай хаста да көһүннэ уонна түмүктүүр туочуканан буолла – норуот кыайыы өрөгөйүн туһугар, өстөөҕү кыдыйбыттарын үөрүүтүгэр оһуохайдаан ойдо.
Оһуохай сыананан эрэ муҥурдаммакка, рампа нөҥүө эмиэ таҕыста. Императорскай тыйаатыр фойетыгар артыыстары кытары көрөөччүлэр илии илиилэриттэн тутуһан оһуохайдаатылар. Мин оһуохайдьыт Дмитрий Артемьев тылын ис хоһоонун өйдөөбөтөрбүн даҕаны, бары биир сомоҕо буолан эргийэргэ, норуот бу үҥкүүтүн эрчимин, эниэргийэтин иҥэринэргэ, өрө күүрүү долгунугар олорсорго ол улахан харгыс буолбата. Чахчы да, көрөргө астык көстүү этэ!
Санкт-Петербург куоракка маҥнайгы гастролтан ыла номнуо сэттэ сыл ааспыт. Бу кэм иһигэр труппа тиэхиньикэ да өттүнэн сайдыбыт, айымньылаах үлэтэ өссө үрдээбит, чочуллубут. Тыйаатыры Александр Иванович Алексеев бу сыллар тухары сатабыллаахтык салайар.
Литературнай чааһыгар сэбиэдиссэй Вера Николаевна Черноградская тыйаатыр искусствотын пропагандалааһыҥҥа улахан үлэни ыытар.
Бу айар айан Саха АССР 100, Саха Сирэ Арассыыйа судаарыстыбатын састаабыгар киирбитэ 390 сылларыгар анаммыт култуурунай бырагыраама чэрчитинэн ыытылынна. РФ култууратын министиэристибэтин иһинэн үлэлиир «Мы – Россия» федеральнай бырайыак көмөтүнэн олоххо киирдэ. С.А. Зверев-Кыыл Уола аатынан СӨ Үҥкүү национальнай тыйаатырын артыыстарын Санкт-Петербург сыаналарыгар өссө да элбэхтэ көрүөхпүтүн баҕарабыт. Этнобалет диэн сэдэх көстүү, аҕыйахта туруораллар. Ол иһин Петербург балеты сэҥээрээччилэрэ бу жанры олус сэргииллэр.
Испэктээк улахан аншлагынан барда. Саалаҕа биир даҕаны миэстэ хаалбат гына дьон тоҕуоруста. Өссө да билиэккэ тиксибэтэхтэр элбэхтэр. Бу Саха Сирин Үҥкүүтүн тыйаатыра киин куораттарга күүтүүлээх ыалдьыт буоларын кэрэһилиир.
Лариса Абызова,
профессор, искусствовед,
А.Я. Ваганова аатынан нуучча балетын
академиятын преподавателэ.
- 3
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0