Дьиэни чэпчэкитик ыларга, ипэтиэкэҕэ альтернативнай ньыма быһыытынан, ссудо-сберегательнай хаассалары тэрийии тоҕоостоох буолуон сөп.
Сокуон барылын Госдуума дьокутааттара ыам ыйын 14 күнүгэр бырабыыталыстыбаҕа ыыппыттара. Бу ньыманы, дьоһун суолталаах судаарыстыбаннай соругу быһаарарга дьайыылаах мэхэньииһим буоларын курдук, саҥа бигэргэммит Бырабыыталыстыбаны кытта ситэри оҥоруохха наада. Эрдэ маннык идиэйэни Арассыыйа Баана өйөөбөтөҕө, ол гынан баран билигин бириэмэтэ атын, кирэдьит ыстаапката олус үрдүк, онон дьокутааттар көҕүлээһиннэрэ өйөбүлү ылыа диэн сабаҕалыырга төрүөт баар. Бу туһунан «Парламентская газета» хаһыакка Судаарыстыбаннай Дуума бүддьүөккэ уонна нолуокка кэмитиэтин чилиэнэ Айрат Фаррахов кэпсээтэ.
-- Билигин ипэтиэкэни үгүс киһи ылар кыаҕа суох, онон саҥа мэхэньииһими туһанан, олорор дьиэ тутуутун соруктара быһаарыллыахтаахтар. Бу дьиэни атыылаһары чэпчэтэрин таһынан, дойду экэниэмикэтин көдьүүстээх оҥоруо. Бырабыыталыстыбаҕа туһуламмыт тутуу сберегательнай хаассаларын туһунан сокуон барыла бэйэ дьиэтин-уотун ыларга киэҥ кыаҕы биэриэҕэ, - диэн Айрат Фаррахов быһаарда.
Эрдэ бу идиэйэни бырабыыталыстыба өйөөбүтэ. Ыам ыйын 13 күнүгэр Марат Хуснуллин, Госдуумаҕа вице-премьерынан бигэргэтиллэригэр: «Ссудо-сберегательнай хаасса туһунан сокуон барыла баар. Кэллиэгэлэр, мин эһигини кытта бу барылы иккис ааҕыыга ситэрэргэ бэлэммин», - диэн дьокутааттарга туһаайан эппитэ. Кини билигин дуумаҕа араас ааптардар бэлэмнээбит икки көҕүлээһиннэрэ көрүллэрин чуолкайдаата. Ханнык баҕарар түгэҥҥэ бу мэхэньииһими «олоххо түргэнник киллэриэххэ» наада диэтэ.
Сиһилии: https://www.pnp.ru/economics/v-gosdume-predlagayut-neskolko-alternativnykh-sposobov-nakopit-na-kvartiru.html
Хаартыскалар куйаар ситимиттэн