Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

Оҕолор күн аайы маны көрөн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин төрүттэспит дьоммутун билэ үөрэниэхтэрэ”, - диир Айыы Кыһатын XI “а” кылааһын үөрэнээччитэ Владислав Жирков оскуолаларын эркинин киэргэппит барельеф туһунан.

Оҕолор күн аайы маны көрөн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин төрүттэспит дьоммутун билэ үөрэниэхтэрэ”, - диир Айыы Кыһатын XI “а” кылааһын үөрэнээччитэ Владислав Жирков оскуолаларын эркинин киэргэппит барельеф туһунан.

8

Нууччалыы эйгэлээх куорат сиригэр кэнчээри ыччаты сахалыы тыыҥҥа уһуйар Айыы Кыһатыгар  Сахабыт Сирин автономиятын олохтоспут дьоммут  -- Саха АССР совнаркомун бастакы бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Былатыан Ойуунускай, ССРС уонна Саха Сирин киин ситэриилээх кэмитиэттэрин чилиэнэ Исидор Барахов, өрөспүүбүлүкэ бастакы посола, бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Максим Аммосов, ССРС Үрдүкү Сэбиэтин бастакы ыҥырыытын дьокутаата Степан Аржаков, Обком хонтуруоллуур хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Степан Васильев -- мэтириэттэрин барельеба баар буолла.

index

Барельеф  үрдүгэ 1 миэтэрэ 40 см, туората 2 миэтэрэ 60 см. Ааптара -- скульптор Илиан Павлов-Мэндиэмэн. Тарбаҕар талааннаах аҕа төрөппүт оҕото бу оскуолаҕа үөрэммит буолан, Аҕа түмсүүтүн көрдөһүүтүнэн чулуу убайдарбыт уобарастарын кылгас  кэм иһигэр чочуйан таһаарбыт, буор-босхо оҥорбут. “Оҥоһукпар тимири, маһы, гиипсэни туһанным. Гиипсэтэ элбэх, арыый чэпчэки буолара ордук буолуо диэн”, - диэн кэпсиир.

Бу национальнай гимназияҕа 1600 оҕо үөрэнэр. Төрөөбүт дойдуга, дьоҥҥо, норуокка тапталы, махталы иҥэрии, эрэлинэн, итэҕэлинэн олоруу¸ итиэннэ сахалыы ыраастык саҥарыы, төрүт култуураны үйэтитии -  бу кыһа иитиигэ сүрүн тосхоллоро.

3

“Биһиги 500 миэстэлээх оскуолабытыгар 1600 оҕо үөрэнэр. Кинилэргэ анаан хас биирдии муннугу, көрүдүөрү арт-эйгэҕэ кубулутан, кылаас  чаастарыгар, уруокка даҕаны  туһанабыт”, - диэн дириэктэр Лидия Шамаева кэпсиир.  Кини этэринэн, Илиан Павловка Аҕа түмсүүтэ, учуутал эр дьон бары көмөлөспүттэр.

Уопсайынан, Айыы Кыһата “үөрэнээччи-учуутал-төрөппүт” ситиминэн үлэни бэркэ тэрийэр. Аҕа түмсүүтэ уолаттары эр киһи гына иитэр соруктан муҥхалатар, сатыы похуоттарга илдьэр, уһанарга да уһуйар, о.д.а. Олоххо эргиччи бэлэмнээх, киһилии киһини иитэр соругу инники күөҥҥэ туталлар.

6

ОБЖ учуутала, Аҕа түмсүүтүн салайааччыта Николай Андреев: “Бу барельефы толкуйдаабыппыт ыраатта. Былырыыҥҥыттан ылсан, Саха АССР 100 сылыгар туруордубут”, - диэн чопчулуур.

Барельеф үөрүүлээх аһыллыытыгар Ньурба дэлэгээссийэтэ кыттан, биир дойдулаахтара Степан Васильев мөссүөнэ үйэтитиллибитигэр махтаннылар. Ньурбалар үбүлээһиҥҥэ көмө, тирэх буолбуттар.

1

Улуус баһылыга Алексей Иннокентьев: “Өрөспүүбүлүкэни  төрүттэспит убайдарбытын кытары Степан Васильев биир кэккэҕэ киирбититтэн Ньурба дьоно үөрэн турабыт. Айыы Кыһатын дьиэтигэр-уотугар аһыллыбыт барельефка сигэнэн, манна үөрэнэр оҕолор, эдэр ыччат өрөспүүбүлүкэбит историятын, автономияны кимнээх төрүттээбиттэрин дьиҥнээхтик билэллэрэ, история кырдьыгын өйдүү улааталларыгар улахан суолталаах”, -- диэн санаатын үллэстэр.

4

"Кэскиллээх омук кэрэхсэбиллээх дьонун кэриэстиир" диэн философ учуонай Авксентий Мординов  этэн турар. Онон Айыы Кыһата кэскиллээх уонна үйэлээх бырайыага олоххо киирбитинэн эҕэрдэлиибит!

  • 2
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением