Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

С.И. Ожегов  “Словарь русского языка” диэн тылдьытыгар “автономия“ диэн тыл “самоуправление, независимость в управлении” диэн быһаарыллар.               

С.И. Ожегов  “Словарь русского языка” диэн тылдьытыгар “автономия“ диэн тыл “самоуправление, независимость в управлении” диэн быһаарыллар.               

  Бу “автономия” туһунан үгүс да тыл этилиннэ, ордук бу кэлиҥҥи сыл устата. Ким аан бастаан бу автономияны туруорсубутун ырытыыга  мөккүөр мөҥүрүүр, биһиги бэйэлээхтэр ортобутугар оройуоннаһан ылыы да баар быһыылаах. Анаан дьарыктаммыт историктарбытын истии суох, ким талбытынан куолулуур, утарыта туруортуур, миэстэлэрин уларытар, ким ордук үтүөлээҕин тоһоҕолоон бэлиэтии, чорбото сатыыр.

Сорох “автономияны утарбыта” диэн С.Васильев туһунан уһун-киэҥ ыстатыйаны таһаарыа, сорох хайаан да М.К. Аммосов үтүөтүн дакаастыа.                                                           

Мин, историк буолбатах киһи, көннөрү ааҕааччы быһыытынан,  бэйэм тус санаалаахпын.

Ол быдан былдьаһыктаах дьылларга норуоттарыгар дьолу-соргуну аҕалар, судаарыстыбаны төрүттүүр сыаллаах чулуу дьоммут наһаа уустук кэмҥэ үлэлээн ааспыттарыгар мөккүөр суох. Киин сиртэн ыраахпыт, сонун сойон баран кэлэрэ. Оннооҕор Иркутскайга ыйы-ыйынан айаннаан тиийии кыһалҕата сыттаҕа дии. Оччотооҕу телеграф диэннэрэ төһө сууххай үлэлээҕин биир бэйэм билбэппин. Дьоммут итинник усулуобуйаҕа хайдах курдук орто сүрүнү булан дьаһаммыттарыттан сөҕөҕүн эрэ. Бу отуччалаах уолаттар, кыргыттар!  Ама, барахсаттар тугу эрэ саарбахтаабат, мөккүһэн ылбат буолуохтара дуо?  Быһаарсаллара уонна салгыы үлэлииллэрэ, уурастаан, тохтоон хаалбатахтара.

“Автономияны ыларга өссө да эрдэ” диэччи ханна барыай? П.Ойуунускай И.Бараховтыын партия съеһиттэн кэлээт, тугу диэбиттэрэ сурулла сылдьар. Ойуунускай ол кэмҥэ: ”Биһи Бараахаптыын аптаныамыйаны син биир туруорсуохпут”.  Тоҕо эрэ Максимныын эҥин диэбэтэх. Ити барахсаттар икки ардыларыгар мөккүөр баарын туоһута буолаарай? Уопсай өйгө-санааҕа син биир кэлбиттэр, бары саба түһэн, дьыалатын-куолутун оҥорбуттар эбээт. Бэл, омук сиригэр күрээбит Г.Ефимов кытта үлэлэспит. Ол уустук кэмҥэ туохха да холоммот үтүө үлэни оҥорбуттар. Онон автономияны аҕалыы, судаарыстыбабытын төрүттээһин, туох да араарсыыта суох, уолаттар уопсай үлэлэрин түмүгэ диэри гынабын, мин историк буолбатах киһи.                                                                                         

Артур Алексеев диэн хомуньуус республикаҕа суверенитет наадата суоҕун араатардыыра, бэл, билиҥҥи кэмҥэ. Оттон “автономия диэн кыра, союзнай буолуохтаахпыт” диэбит Павел Ксенофонтов баар буола сылдьыбыта дии. Бу революциялар үөстэригэр сылдьыбыт, барытын илэ көрбүт, үрдүк үөрэхтээх юрист киһи сөпкө эппитэ буолуо дуо? Баҕар буолуо, кини баҕатын биир дойдулааҕа Михаил Николаев толорбута, аҕыйах сыл күннүү сылдьыбыппыт. Оттон историк буолбатах киһи, өҥөр киирэн, өссө манныгы балкыйаары гынабын: Тыгын, Лөгөй, Сыраанап, Маһары, Сэһэн Ардьакыап автономияны эмиэ баҕарбыттара, уолаттарга холобуру көрдөрбүттэрэ дии саныыбын.

  • 4
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением