Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

Судаарыстыбаннас күнүн бэлиэтээбиппитинэн, Тумарча “Биһиги Аан Дархаммыт” кинигэтиттэн СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев, өрөспүүбүлүкэ сувереннай быраабын туруулаһан, хорсуннук тыл эппитин бэчээттиибит.

Судаарыстыбаннас күнүн бэлиэтээбиппитинэн, Тумарча “Биһиги Аан Дархаммыт” кинигэтиттэн СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев, өрөспүүбүлүкэ сувереннай быраабын туруулаһан, хорсуннук тыл эппитин бэчээттиибит.

1990 сыл ыам ыйын 24 күнүгэр Михаил Николаев РСФСР норуодунай дьокутааттарын маҥнайгы сийиэһин үрдүк трибунатыгар тахсыбыта. Кириэмил улахан дыбарыаһын уораан уораҕайа, этэргэ дылы, улаҕаа эрээккэ олорор киһи улар саҕа буолан көстөр уһун синньигэс саалата ыга туолбут этэ. Хас дьокутаат аайы иккилии-үстүү ыҥырыылаах ыалдьыт, олор истэригэр дойду салайааччылара кытта бааллара.

Михаил Ефимович, дойдутун, норуотун иннигэр ытык иэһин толорор маҥнайгы улахан суолталаах хардыыны оҥоруохтааҕын санаан, төһө да долгуйа быһыытыйдар, таһыгар ону биир да дубук хамсаныынан, кыратык эмэтик хаанын да хамсатан биллэрбэтэҕэ. Паапкатын арыйан, бэлэмнэммит тиэкиһин тэнитэн, чуолкай, холку куолаһынан аудитория иннигэр урут бу саала иһигэр саха киһитэ эппэтэх хорсун, сиэрдээх этиитин саҕалаабыта:

— Биһиги өйбүтүгэр-санаабытыгар билиҥҥэ диэри өрөспүүбүлүкэлэр уонна норуоттар чэлгийэ сайдыыларын, экэниэмиэкэҕэ уонна култуураҕа кинилэр хаһааҥҥытааҕар да үрдүк кэрдиискэ тахсыбыттарын туһунан эҥин-эгэлгэ тыллар кэм да иһиллэргэ дылылар, — диэн этээтин кытта, саала иһэ иһийэргэ дылы гыммыта. — Үрдүк өрөгөйдөөх тыл-өс бу саала килбиэннээх киэлитин иһигэр эмиэ дуораһыйара. Оттон Кириэмил истиэнэтин тас өттүгэр олох дьаалатынан устара. Национальнай өрөспүүбүлүкэлэр бэрэстэбиитэллэрэ үрдүк ситиһиилэрин туһунан кэпсээтэллэр да, олорор дьиэ, балыыһа, кулууп, оскуола тутууларыгар үп умналkан, Москуба министиэриcтибэлэрин уонна биэдэмистибэлэрин ааннарын саппакка, кинилэр уһун көрүдүөрдэринэн төттөрү-таары сыбыытаһаллара.

Сийиэскэ көрүллэр Арассыыйа суверенитетын туһунан боппуруос, бастатан туран, экэниэмикэҕэ, олох-дьаһах сайдыытыгар национальнай боппуруоска уонна экология проблемаларыгар үөскээбит быһыыны-майгыны быһаарар Арассыыйа Федерациятын бэлиитикэҕэ систиэмэтин төрдүттэн тупсарарга туһаайыллыахтаах. Итини этэн туран, мин маннык сорох түгэннэргэ тохтуохпун баҕарабын.

ССРС Үрдүкү Сэбиэтэ кэлин ылыммыт сокуоннарыттан, союзнай уонна автономнай өрөспүүбүлүкэлэр экэниэмикэ, олох-дьаһах уонна култуура сайдыыларыгар тэҥ бырааптаныыларыттан, биллэн турар, биһиги, автономнай өрөспүүбүлүкэлэр олохтоохторо, астынабыт. Хас хардыы, ситиһии үгүс сыранан, туруорсуунан олоххо киирэрин биллэрбит даҕаны, бэйэбит боппуруостарбытын быһаарарбытыгар, дьиҥнээх көҥүл туругурарыгар биһиги эрэлбит улаатар.

Кырдьыгынан эттэххэ, түөрт сүүсчэкэ эрэ сылы кыайбат кэм анараа өттүгэр Арассыыйаны, нуучча норуотун кытта бэйэлэрин дьылҕаларын холбообут Саха Сирин норуоттара итинник көҥүлгэ эрэллэрин хаһан да сүтэрбэтэхтэрэ. Итиччэ уһун кэм устата биһиги Арассыыйаны кытта бары үөрүүбүтүн, хомолтобутун бииргэ үллэстэн кэллибит. Ол иһин бүгүн Арассыыйаны холбуур история төрүттэрин түөрэҥнэтиини биһи сүрэхпитигэр-быарбытыгар олус ыарыылаахтык ылынабыт. Арассыыйа, нуучча норуота судаарыстыбаннай тутул унитарнай моделын сиэртибэтэ буолууга атыттартан итэҕэһэ суох өссө ордук эмсэҕэлээбитэ. Ол гынан баран, бүгүн онуоха бэйэ-бэйэбитин хардарыта хомуруйсар кэм буолбатах. Биһиги холбооттообут уһун кэмнээх историябытын харыстыахпытын наада уонна Арассыыйатааҕы уопсай дьиэбитин бөҕөргөтөр суолу-ииһи салгыы көрдүөххэ. Бастатан туран, дьиҥнээх тэҥ олоҕу уонна тэҥ бырааптаныы өйдөбүллэрин кэһэр, дьүдьэтэр, олохсуйан хаалбыт хал буолбут халыыптан босхолонуохха наада. Административнай-хамаандалыыр систиэмэ көҥүл түүрэйдиир кэмигэр кини «үтүөлэрин» Саха Сирэ, баҕар, кимнээҕэр да ордук билбитэ буолуо уонна ол содулун өссө билиэ да турдаҕа. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит киниэхэ соҥноммут сырьевой самалык синдромуттан босхолоноро наада. Бу сиэри таһынан быһыыны-майгыны биһиги сорунуулаахтык утарабыт.

Үс аҥаар үйэттэн ордук кэм усталаах туоратыгар аҕыйах ахсааннаах дьоҕус омук бас-көс киһитин улуу Арассыыйа уонна бэйэтин олохтоох сирин, дьонун-сэргэтин туһугар ис сүрэҕиттэн ыалдьан, улахан омуктар бастаахтарын сабырыйар сиэрдээх тыллара, олох кыларыйар кырдьыгын ылыннарыылаахтык саралыы тардан этиитэ кырдьаҕас Кириэмил улахан саалатыгар ити күн аан маҥнай дуораһыйбыта.

Тыһыынчанан дьокутаат халыҥ кэккэтэ, хаһан да истибэтэҕин истэн, биир тылы көтүппэккэ иһиллээн иһийэн олорбута.

Тыл этиитин бэлэмниир кэмигэр Михаил Ефимович Арассыыйа автономияларын салайааччыларын кытта, тоҕоостоох кэмнэргэ түбэһиннэрэн, кэпсэтии таһаартыы сылдьыбыта. Онно бары даҕаны, кыра буолан баран, ССРС иһигэр киирсэр союзнай статустаах өрөспүүбүлүкэ РСФСР-га киирсэр автономиятааҕар быдан киэҥ, көҥүл бырааптааҕын бэлиэтээн, олус кыһыйан-абаран, бэркиһээн кэпсэтэллэрэ. Ити курдук кини биир санаалаахтары бэйэтин диэки тардары, түмэри ситиспитэ уонна ити санаатын ким да иннинэ аан бастакынан, чаҕылхай сыыппараларынан холобурдаталаан туран, союзнай масштабтаах улахан аудиторияҕа салгыы иһитиннэриитэ киэҥ сэҥээриини ылбыта.

— Уопсастыбаннай бородууксуйаны оҥорон таһаарар кээмэйинэн Саха Сирэ Прибалтика, Орто Азия союзнай өрөспүүбүлүкэлэринэн эрэ буолбакка, бэл, оннооҕор сорох сайдыылаах капитализм дойдуларын кытта биир таһымҥа турар. Ол эрээри, өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэҕэ дьиҥнээх сувереннай көҥүлэ суоҕунан, бэйэтин төрүт сирин-уотун, сирин баайын, онтон да атын айылҕатын ресурсаларын бас билиигэ, дьаһаныыга уонна туһаныыга Конституциянан көрүллүөхтээх быраабын күөмчүлээһин түмүгэр, онно сөптөөх былааһа да, экэнэмиичэскэй боломуочуйата да суох. Ити маннык холобуртан көстөр: Сойуус уонна Федерация бас билэр тэрилтэлэрэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин бүддьүөтүн үбүттэн 16%-ын ылар буоллахтарына, кинилэр оҥорбут барыстарыттан 4,5%-на эрэ киирэр. Сойуус тэрилтэлэрэ оҥорор барыстарыттан киирэр үп үгүс өрөспүүбүлүкэҕэ 20%-ҥа тэҥнэһэр, оттон Эстонияҕа — 84 %. Саха Сиригэр бырамыысыланнай бородууксуйа 90%-ын Сойууска уонна Федерацияҕа бас бэринэр тэрилтэлэр сырье быһыытынан оҥороллор. Кинилэр дойду кииниттэн салаллаллар уонна олохтоох территория сайдыытыгар туох да көмөнү оҥорботтор. Агропромышленнай комплекс тэрилтэлэрин тэрээһинигэр, олохтоох бырамыысыланнас, суол-иис ситимин сайдыытыгар кыттыыны ылбаттар, онон миэстэтигэр олох-дьаһах балаһыанньатыгар сөбө суох тыҥааһыны үөскэтэллэр. Соҕотох мантан эрэ, өрөспүүбүлүкэ бэлиитикэҕэ уонна экэниэмикэҕэ туох да бырааба суоҕуттан, саха омуга, аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар, нууччалыы тыллаах нэһилиэнньэ национальнай сайдыыларыгар хаалыы таҕыста.

Маннык эридьиэстээн этэн баран, Михаил Ефимович саала иһин кэриччи анааран көрөн аһарбыта, дьон үксэ сэргээн истэ, бэйэ-бэйэлэрин кытта санааларын үллэстэ олороллоро. Киһини бэркиһэтэр сыыппаралары аҕалтыыр кэмигэр сорохтор өссө саалаттан кинини өйөөн, реплика быраҕар саҥалара иһиллитэлээн ылбыта. Дьон болҕомтотун тардыбытын, сааланы сөптөөх соҕус тыҥааһыннаах турукка киллэрбитин өйдөөн, этиитин саамай суолталаах өттүн салгыы саҥаран барбыта:

«Автономнай өрөспүүбүлүкэ» диэн икки өрүттээх утарсыылаах тиэрмин. Өрөспрүүбүлүкэ статуһун быһаарарга уонна Сойууһу кытта боломуочуйалары тыырсыыга сөп түбэһиспэт өйдөбүлү үөскэтэр. Маны Ленин билинэн турар. Кини 1922 сыл ахсынньы 30 күнүгэр, ССРС тэриллиитинэн сибээстээн, кэмсинэн суруйбута: «Автономизация туһунан хал буолбут боппуруоска сорунуулаахтык орооспотохпунан мин, арааһа, Арассыыйа оробуочайдарын иннигэр улахан буруйдаахпын быһыылаах...»

Теория өттүнэн сөбө суох «автономнай өрөспүүбүлүкэ» диэн өйдөбүл сыыһата ВЦИК анал хамыыһыйатынан өссө 1926 сыллаахха билиниллибитэ. Өскөтүн “өрөспүүбүлүкэ” диэн быһаарыы национальнай-территориальнай тэриллии судаарыстыба быһыытынан өйдөбүлүгэр сөп түбэһэр буоллаҕына, олохтоох бэйэни салайыныыны туоһулуур автономия     судаарыстыба” диэн тылы төрдүттэн сотон таһаарар.

Судаарыстыба олоҕун форматын быһыытынан норуоттар сувереннай бырааптара билиниллиэхтээх. Онон сибээстээн, Саха АССР-га саҥардыллыбыт Арассыыйа Федерациятын иһинэн ураты формалаах Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэ быраабын биэрэр боппуруос турарын булгуччулааҕынан ааҕабыт...

Саала иһигэр тыал түспүтүн курдук, дьон халыҥ халҕаһата суугунуу хамсаан ылбыта. Бу сырыыга биһириир да, сөбүлээбэт да саҥалар тэҥҥэ иһиллибиттэрэ. Михаил Ефимович, ону истибэтэх курдук, салгыы этэ турбута:

— Билиҥҥи кэмҥэ РСФСР национальнай-судаарыстыбаннай тутулун систиэмэтэ уларыйыах тустаах. Биһиги көрүүбүтүгэр, бастатан туран, Федерация төрүт укулаата — норуоттар тэҥ буолууларын уонна тэҥ бырааптаныыларын дьиҥнээх өйдөбүлэ төннүөхтээх. Федерацияны саҥардыыны Арассыыйа Федерацията бэйэтин балаһыанньатын бэрээдэктээһинтэн саҕалыахха наада, ол эбэтэр федеральнай судаарыстыба дуогабар нөҥүө сыһыаҥҥа олоҕурар. Оттон билигин РСФСР-га киирэр бары автономнай өрөспүүбүлүкэлэр үөһэттэн ыйыы-кэрдии күүһүнэн, Декретинэн тэриллибиттэрэ. Өскөтүн биһиги Федерациябытын саҥардыахпытын уонна кини субъектара күүстээх буолуохтарын баҕарар буоллахпытын, оттон биһиги ону чахчы баҕарабыт — норуодунай дьокутааттар сийиэстэринэн, Арассыыйа Федерациятын Үрдүкү Сэбиэтин сиэссийэлэринэн бигэргэтиллэр сокуоннарга уонна сокуоннар аахталарыгар национальнай өрөспүүбүлбүкэлэр бырааптара, Федерация тэҥ бырааптаах субъектарын быһыытынан билиниллэллэрэ наада.

Соторутааҕыта ылыныллыбыт ССРС бас билиитин туһунан сокуон 20-с ыстатыйатыгар автономнай өрөспүүбүлүкэ РСФСР сокуонун иһинэн сиригэр-уотугар киирэр сири уонна айылҕа ресурсаларын бэйэтин уонна ССРС интэриэһигэр бас билэр, дьаһайар, туһанар бырааптааҕа ыйыллар. Оттон ССРС, союзнай уонна автономнай өрөспүүбүлүкэлэр экэниэмикэҕэ сыһыаннаһыыларын туһунан сокуон 5-с ыстатыйатын быһыытынан, бу боппуруостар ССРС, РСФСР уонна автономнай өрөспүүбүлүкэлэр икки ардыларынааҕы элбэх өрүттээх Сөбүлэһиилэринэн быһаарыллар. Онон ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтэ алмааһы уонна кыһыл көмүһү хостооһунунан дьарыгырар Саха АССР валютаҕа бородууксуйатын күн бүгүнүгэр диэри бүүс-бүтүннүүтүн ССРС бас билиитинэн ааҕар. Ол түмүгэр Саха АССР бэйэтин айылҕатын ресурсаларыттан кыратык эмэтик да буоллар өлүүлэһэн дьаһанар сувереннай быраабыттан эмиэ матар. Бу балаһыанньаны ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтэ, ылыныллыбыт сокуоннарга олоҕуран, саҥаттан көрөрүн модьуйабыт.

Саала иһэ ытыс тыаһынан хабылла түспүтэ. Трибунаттан түһэн миэстэтигэр тиийиэр диэри аара дьон кини илиитин тутан эҕэрдэлээн хаалбыттара. Бэйэтин дьоно үөрүүлэрэ, өрөгөйдөрө муҥура суоҕа...

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением