Быйыл – Нэһилиэк сыла
Биһирэми Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, «Саха» НИБХ суруналыыһа Елена Керемясова иилээн-саҕалаан ыытта. Кинигэни Арассыыйа Федерациятын Федеральнай Сэбиэтин ас-үөл бэлиитикэтигэр уонна айылҕаны туһаныыга кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Егор Борисов «Чурапчым үбүлүөйүгэр» диэн истиҥ-иһирэх ис хоһоонноох ыстатыйата арыйбыт итиэннэ кини ытык дуоҕаны күөрэччи уунан турар хаартыската туруоруллубут. Ону ыытааччы ити Чурапчы үүнэ-сайда турарын бэлиэтэ буолар диэбитин мустубут дьон биһирии иһиттилэр.
Быйыл Чурапчы нэһилиэгэ төрүттэммитэ 375 сыла бэлиэтэнэр, онон олохтоох дьаһалта баһылыга Владимир Сивцев 2023 сылы Нэһилиэк сылынан биллэрбит.
– Нэһилиэкпит 375 сыллаах үбүлүөйүн көрсөр үлэни биһиги былырыыҥҥыттан саҕалаабыппыт. Ол курдук, Ил Дархан Айсен Николаев анал дьаһала тахсан, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников бэрэссэдээтэллээх хамыыһыйа тэриллэн, улахан былаан ылыллыбыта. Олортон биирдэстэрэ бу кинигэ буолар. Эрдэттэн хамыыһыйа тэриллэн, элбэх киһи хабыллан үлэлээбитин түмүгэр нэһилиэк былыргы устуоруйатыттан саҕалаан күн бүгүнүгэр диэри сайдыыта сырдатылынна, – диэтэ Владимир Сивцев.
Үбүлүөй – сайдыыга тирэх
Архыып матырыйаалларын итиэннэ учуонайдар көмөлөрүнэн нэһилиэк устуоруйата бигэргэммит научнай чахчыларынан байытыллыбыт, xahaaҥҥыттан төрүттэммитэ чопчу быһаарыллыбыт. Ол курдук, Чурапчы нэһилиэгэ Эллэй Боотур сыдьаана Улуу Кудаҥса хос сиэнэ Аччаҕар Ньамньах кинээс буолуоҕуттан төрүттээҕин туһунан Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу омуктар проблемаларын үөрэтэр институт сүрүн научнай үлэһитэ, устуоруйа наукатын дуоктара Андриян Борисов суруйбут. Архыып XVII үйэтээҕи матырыйаалларыгар ыйыллыбытынан, 1648 сыллаахха Аччаҕар Ньамньах (Огеев) кинээс буолбут. Нэһилиэк кинээһин аатынан Аччаҕар (III Хатылы) дэммит, онон III Хатылы нэһилиэгин төрүттэммит кэмэ ити сылтан ааҕыллар эбит. Ол туһунан биһирэмҥэ улуус баһылыга Степан Саргыдаев кэпсээтэ.
– Билиҥҥи кэмҥэ бу нэһилиэк сокуонунан көрүллэр бары бырааптарын, эбээһинэстэрин салҕааччынан уонна толорооччунан Чурапчы буолар. Мин бу нэһилиэк баһылыгынан үлэлии сылдьаммын, атын нэһилиэктэргэ кинигэ бөҕө тахсар, оттон биһиэхэ тоҕо суоҕуй диэн дьиктиргии саныырым. Онон Ытык Сүбэ чилиэннэрин кытары сүбэлэһэн бараммыт, нэһилиэкпит историятын сырдатыыга үлэлиир соругу туруоруммуппут. Ол түмүгэр, 2012 с. «Чурапчы нэһилиэгэ» диэн кинигэни таһаарбыппыт, быйыл бу кинигэ күн сирин көрдө. Үбүлүөйү көрсө нэһилиэк баһылыга Владимир Сивцев нэһилиэк социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар төһүү буолар дьаһаллары тэрийэ сылдьар. Холобур, Мурун Тыымпыйа түөлбэтигэр гааһы тардыы 2025 с. былааннанара, ол үбүлүөйүнэн сибээстээн быйылгыттан саҕаланар буолла. Ити курдук, уһуйаан, спорткомплекс тутууларыгар, суолу оҥорууга, уулуссалары аспааллааһыҥҥа былааннанар үлэ элбэх, – диэтэ улуус баһылыга.
Тоҕус түһүмэх
Кинигэ чахчы даҕаны дьоһуннаахай! Дьокуускайга «Дани-Алмас» кинигэ кыһатыгар А4 форматынан тахсыбыт, 540 сирэйдээх, икки тыһыынчаттан тахса өҥнөөх хаартыска итиэннэ QR-куод көмөтүнэн көрдөрүллэр 58 видео киирбит. Матырыйааллары Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна Акулина Кузьмина салалтатынан Варвара Макарова, Анастасия Аргунова уонна Мария Матвеева хомуйан оҥорбуттар. А.А.Саввин-Өндөрүүскэ Саабын аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография мусуойун архыыбыгар хараллан сытар хаартыскалары таһынан Григорий Турантаев, «Саҥа олох» хаһыат суруналыыһа Семен Жендринскэй түһэриилэрэ туһаныллыбыттар.
Ис хоһооно баай. Тоҕус томтордоох Чурапчы туһунан кинигэ тоҕус түһүмэхтээх. Бастакы түһүмэххэ нэһилиэк үөскээбит устуоруйата, «Чурапчы» диэн ойконим суолтата, томтордор ааттара-суоллара быһаарыллыбыт, уутуйан олорбут аҕа уустарын, хаһан Боотуруускай улуус, онтон Чурапчы улууһун киинэ буолбутун, гражданскай сэрии, 1941-1945 сс. сэрии, Хоту Көһөрүллүү уо.д.а. тустарынан сырдатыллыбыт.
Устуоруйа үгүс чахчыта киирбит. 1921 с. муус устар 7-17 күннэригэр Чурапчыга тэриллибит баартыйата суохтар иккис кэмпириэнсийэлэригэр Москубаттан В.И.Ленинтэн эҕэрдэ тэлэгэрээммэ кэлбитэ биллэр. Оттон 1922 сыл кулун тутар 2-12 күннэригэр Чурапчы Саха сирин киинэ буола сылдьыбыта, бастаанньыстар сийиэстэрэ ыытыллыбыта, ВОЯНУ (Саха уобалаһын быстах кэмнээх народнай управлениета) тэриллибитэ о.д.а. ааспыт өттүгэр кэпсэммэт этэ. Ону архыып докумуоннарыгар олоҕуран кыратык сэгэтэн сырдаппыттарын туһунан Чурапчытааҕы агро-технологческай колледж дириэктэрэ, идэтинэн устуоруйа учуутала Василий Гуляев бэлиэтээтэ.
Салгыы кэлэр сэттэ түһүмэххэ тэрилтэлэр, бастыҥ үлэһиттэр, элбэх оҕолоох ыаллар, Дьоруой Ийэлэр, бочуоттаах гражданнар, ааспыт сылларга үлэлээн-хамсаан ааспыт сэбиэт бэрэссэдээтэллэрин, дьаһалта баһылыктарын, дьокутааттарын тустарынан кэпсэнэр. Быһата нэһилиэк олоҕо-дьаһаҕа бары өттүнэн киэҥник хабан көрдөрүллүбүт. Тохсус түһүмэх QR-куодтаах хаартыскаларга анаммыт.
Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ
Уопсастабыннай хамсааһын бэлиэ миэстэни ылбыт. Улуу Эбэни тула турар тоҕус томторунан тарҕанан олорор бөдөҥ сэлиэнньэҕэ ырааһырдыы, көҕөрдүү, сайыҥҥы уу ситимин тардыы, кырдьаҕастарга-кыамматтарга көмөлөһүү, култуура уонна успуорт күрэхтэһиилэрин тэрийии курдук маасабай дьаһаллар түөлбэлэринэн, дьахталлар, эр дьоннор сэбиэттэринэн, ыччаттар, биир интэриэстээхтэр холбоһуктарынан сүрүннэнэр. Бу үлэттэн Дьокуускайга олорор биир дойдулаахтар түмсүүлэрэ туора турбат эбит.
– Куоракка олохсуйбут биир дойдулаахтар түмсүү тэрийэн тустаах нэһилиэктэригэр көмө-тирэх буолар үтүөкэн үгэстээхтэр. Биһиэхэ нэһилиэк барыта түмсүүлээх этэ эрээри, арай, улуус киин нэһилиэгин эрэ түмсүүтэ суоҕа. Ол иһин, оччолорго нэһилиэк баһылыга Иван Оконешниковы кытары сүбэлэһэн, 2004 с. «Чурапчы» түмсүүнү тэрийбиппит. Салайааччынан Александр Федотов, кинини солбуйааччынан мин талыллыбыппыт. Устаап оҥостубуппут. «Холбос» хонтуоратыгар биир хоһу анатан, онно мустан сүбэлэһэн, араас биэдэмистибэлэргэ үлэлиир, урбаанынан дьарыктанар дьоммутун кытыннараммыт, үөрэнэ сылдьар устудьуон ыччаттарга көмөлөһөрбүт, куоракка олохсуйбут кырдьаҕастарбыт үөрүүлээх да, кутурҕаннаах да кэмнэригэр тирэх буоларбыт, нэһилиэкпит туһатыгар суолталаах кэпсэтиилэри ыытаммыт, элбэх боппуруоһу быһаарсыбыппыт. Ол барыта Чурапчыбыт сайдыытыгар көмө быһыытынан сыаналанан, бу кинигэҕэ киллэриллибитэ олус үөрдэр, долгутар. Билигин түмсүүнү эдэр, эрчимнээх Гаврил Дьячковскай салайар, – диэтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Петр Мишкин.
Спортка тирэҕирэн
Ити курдук тыл эппиттэр бары кинигэни үрдүктүк сыаналаатылар.
– Чурапчы туһугар чахчы харыларын ньыппарынан туран үлэлээбит-хамсаабыт көлүөнэ дьоннор бары эйгэттэн киллэриллибиттэр. Ханнык баҕарар дойду устуоруйатын бэйэтэ сурунар, олоҕун бэйэтэ оҥостор уратылаах. «Чурапчы – спорт туоната» диэн мээнэҕэ этиллибэт. 1941—1945 сс. уоттаах сэрии, сут уонна Хоту Көһөрүллүү сылларыгар нэһилиэнньэтин аҥаарын сүтэрбит Чурапчы 1950-с сыллар иккис аҥардарыттан спорду таһааран көмүскэммитэ. Атын улуустарга онон холобур буолбута. Онон Чурапчы успуорка ситиһиитэ, маассабай успуор үгэс буолбут тэрээһиннэрэ сырдатыллыбыттара кинигэни байытар. 375 сыл диэн улахан кэрдиис. Нэһилиэкпит итиччэ кэмнээх ааспыт олоҕун сырдатар кинигэни тутан олорорбут биһиги – дьолбут буолар. Баай ис хоһоонноох, научнай тирэхтээх, бэртээхэй кинигэни таһаарбыккыт иһин махтанабын! – диэтэ саха норуодунай суруйааччыта Сэмэн Попов-Тумат.
Варвара Макарова (Чурапчы) хаартыскаҕа түһэриилэрэ
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0