Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

Аан дойдуга амарах санаа баарын тухары сырдык, сылаас сыһыан, өйдөһүү, ытыктаһыы, кыһамньылаах, болҕомтолоох буолуу баар. Амарах санаа баар буолан – киһитийии диэн өйдөбүл баар. Киһитийии – кыраҕа, кыһалҕалаахха, мөлтөөбүккэ-ахсаабыкка илии уунан өрө таһаарыы, көмө оҥоруу, сарын-сарынтан даҕайсан, тоҥолох-тоҥолохтон тутуһан түмсүү, сомоҕолоһуу,  сатабылынан, кыаҕынан салҕаан биэрии, санаа-санааҕа эбии, күүскэ-күүс угуу, ылсыы-бэрсии.

Аан дойдуга амарах санаа баарын тухары сырдык, сылаас сыһыан, өйдөһүү, ытыктаһыы, кыһамньылаах, болҕомтолоох буолуу баар. Амарах санаа баар буолан – киһитийии диэн өйдөбүл баар. Киһитийии – кыраҕа, кыһалҕалаахха, мөлтөөбүккэ-ахсаабыкка илии уунан өрө таһаарыы, көмө оҥоруу, сарын-сарынтан даҕайсан, тоҥолох-тоҥолохтон тутуһан түмсүү, сомоҕолоһуу,  сатабылынан, кыаҕынан салҕаан биэрии, санаа-санааҕа эбии, күүскэ-күүс угуу, ылсыы-бэрсии.

Бу хаачыстыбаларга аҕыс ый тымныылаах, сэттэ ый силлиэлээх, алта ый дьыбардаах Сахабыт Сиригэр, аймаҕы тургутар-туруктаах айылҕабытыгар, олохпут устатын тухары туруулаһыы туругар сылдьар дьоҥҥо үрдүктүк сыаналанар хаачыстыба. «Үөрүөхпүт, киэн туттуохпут» диэн туһугар бу көстүү үйэлэри туораан, күн бүгүҥҥү олохпутугар аргыстаһар!

Ол курдук, «Хатас булчуттара» эр дьон түмсүү самаан сайыны көрсөр күүтүүлээх-кэтэһиилээх күҥҥэ баай барыылаах Байанай суруллубатах сокуонунан  бэтэрээннэрбитин, дойдубут ыарахан кэмигэр ил эйэ туһугар туруулаһар эр дьон дьиэ кэргэттэрин сааскы булдунан – куһунан күндүлээтилэр.

Кинилэр кимнээҕий? Этэргэ диэри ийэ дойду сиргэ үтүө дьон ааттарын билиэхтээхтэххит, кинилэр – Апросимов Алексей, Бурцев Михаил, Евсеев Григорий, Егоров Михаил, Игнатьев Семён, Ларионов Анатолий, Окороков Михаил, Павлов Андрей уонна Попов Николай. Уолаттар бары талыллыбыт курдук дьиэ кэргэн аҕа баһылыктара, үлэлээх-хамнастаах, дьиэлээх-уоттаах, силис-мутук тардыбыт, олох араас эйгэтигэр туспа ааттаах-суоллаах үлэһит дьон – уус, суоппар, ыксаллаах быһыы-майгы тэрилтэтин үлэһитэ, учуутал, олох-дьаһах хаһаайыстыбатын, олохтоох дьаһалта исписэлиистэрэ, о.д.а. Кинилэри булка-аска эрэ буолбакка, Хатаска буолар араас таһымнаах, араас хайысхалаах тэрээһиннэргэ көрөҕүн. Кинилэр ыллыыллар, туойаллар, айаллар-туталлар, уопсайынан Хатас булчуттара бары булчут үгэһин этинэн-хаанынан, өйдөрүнэн-санааларынан иҥэриммит дьон.

Манна оттомо суохтар, аҥаардастыы айбардааччылар, муораны тобуктарынан буолааччылар, үгэһи үтүрүйээччилэр өйдөрүн – төйдөрүн оннугар түһэрэннэр, сахалыы дьоһун турукка киирэллэрэ олох суруллубатах сокуона, оруннаах ирдэбилэ буолар. Ол курдук, быстыбыты быыһааччы, эстибити сэниэлээччи Баай Байанай саха хааннааҕы, булка-аска уйуһуйбуттары күһүгүрүүр тыастаах көтөр кынаттааҕынан маанылаан, өттүк харалаан, илии тутуурдаан ыытар күннэригэр маннык түбэлтэ буолбута.

Кэлиҥҥи сылларга сааскы сайаҕас күннэр кэлбиттэрин тэлгэһэҕэ, олбуорга, кыбыыга, далга мээтиргиир саҥаттан эмиэ билэр буолан эрэбит. Ол аата кыстаабыт, угуйар кустар таһырдьа тахсан күүлэйдии сылдьаллар эбит диэн санааҕа кэлэҕин. Маҥнай утаа хайа бу хайдаҕый хаардаахха туох куһа кэлэн дэриэбинэ ортотугар мээтиргээтэ диэччи аҕыйаҕа суох буоларбыт. Олох хардыытынан, уларыйыылар киириилэринэн булт бьыраабылата, көҥүлэ, бобуута эмиэ үгэскэ киирбит кэмҥэ буолбакка иннигэр-кэннигэр түһүүлээх, эбиликтээх, уларытыылаах буолара сонун буолбатах. Онон угуйар кустаахтарга көҥүл бэриллибитинэн Хатаспыт булчуттара эдэрдиин-эмэнниин күннээҕи сонуннара ким хайдах оҥостон-симэнэн, тугу атыылаһан, тугу ханна көрбүтүн-истибитин сүбэлэһэн-амалаһан биир улахан дьиэ-кэргэн оҕолорун курдук бииргэ буоллулар.

Бу түмсүү дьоно үтүө үгэстэриттэн биирдэстэрэ – бэйэҕэ көмөлөһүү, өйдөһүү, биһирэми биллэрии, бэлэх-туһах туттарыы буолар. Биир оннук үтүө сонуну, хайҕаллаах быһыыны-майгыны кэрэ кэпсээн, сэргэх-сэһэн оҥостон үллэстиэхпин баҕардым. Быйылгы 2023 сыл сааскы булт үөрүүтүн, өрөгөйүн билбит, маҥнайгы көҕөнү суулларбыт байанайдаах булчут Попов Николай Николаевич Хатас булчуттарыттан бириис тутан үөрүүтэ үс бүк үрдээтэ, түөрт төгүл чиҥээтэ. Дьэ, ити курдук, саха сахатынан кэрэ, үөрүүнү – көтүүнү үллэстэр.

Маннык мааны майгы үтүөтүн күн бүгүн биир бэйэм эмиэ  билэн олоробун. Ыкса ыалларым, булт диэн баран муннукка ытаабыт Альберт Яковлев, Иван Татаринов бэлэх ууммут кустарын мииннээн, самаан сайыммыт саҕаланыытын эппинэн-хааммынан аһардым. Бу хамсааһыҥҥа, үтүө үгэскэ дьаһалта сүрүннүүр исписэлииһин Наталья Игнатьева дьиэ кэргэнэ кыттыһан,  бүгүн-бэҕэһээ үс бэтэрээн дьиэ кэргэнэ Ньукуолун остуолун хоточчу аһынан кус мииннээхтэр. Ити курдук, бу күннэргэ Хатаска сүүһүнэн ыал аймах билэ-дьоннор, ыкса ыаллар, бииргэ үөрэммиттэр, убаастанар, ытыктанар аҕам дьоннор, о.д.а. сааскы булдунан күүтүүлээх-кэтэһиилээх сайаҕастай сайыммытын бэлиэтээтибит.

Булчуттарга туһулаан аны даҕаны бастыҥы маанылыыр, инникилээбити сэргиир, ааспыт дьоҥҥо ас кээһэн абырыыр,  үтүө сураххыт үс дойдуну тилийэ көттүн, биэс дойдуга биһирэнэ тарҕаннын диэн алгыс тылбын аныыбын.

  • 3
  • 0
  • 1
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением