Ыам ыйын 7 күнүгэр Арассыыйаҕа Араадьыйа күнэ бэлиэтэнэр, бу сибээс бары эйгэтин үлэһиттэрин идэлээх бырааһынньыктара буолар. Күннээҕи олоххо-дьаһахха киһи сонуну үллэстэр сибээһэ суох, тула эйгэни уларытар саҥа технологиялара суох төрүт табыллыбат. Сибээс араас дойдулары уонна континеннары ситимниир, бодоруһуу киэҥ эйгэтин үөскэтэллэр, иһитиннэрии хаачыстыбатын тупсараллар. Онуоха сибээс ситимэ түргэн уонна үчүгэй хаачыстыбалаах буолуута дойду социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларыгар улахан суолталаах.
Аныгы сайдыы хаамыытынан, Интернет, маассабай иһитиннэрэр-биллэрэр сириэстибэлэр төһө даҕаны балысханнык сайынналлар, биһиги киэҥ-нэлэмэн сирдээх-уоттаах өрөспүүбүлүкэбитигэр араадьыйа уонна телевидение иһитиннэрии сүрүн ньымата буолаллар. Маассабай иһитиннэрэр-биллэрэр сириэстибэ үлэһиттэрэ идэлэригэр бэриниилээх, үлэлэригэр үтүө суобастаахтык сыһыаннаһар буоланнар, өрөспүүбүлүкэ дьоно-сэргэтэ, чуолаан, ыраах улуустар, суола-ииһэ суох кытыы нэһилиэктэр олохтоохторо дойду сонунун тута истэллэр-билэллэр.
Бырааһынньыгынан өссө төгүл итиитик-истиҥник эҥэрдиибин, үлэҕитигэр ситиһиилэри, чэгиэн-чэбдик доруобуйаны баҕарабын.
Виктор Губарев, Ил Түмэн култуураҕа, иһитиннэрэр массаабай сириэстибэлэргэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ.
Афанасий Мунхалов “Аан дойдуну истэллэр” хартыыната
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0