Медиаменеджер манныгы этэр: «Россия социальнай ситим ырыынагар Европаҕа бастакы уонна аан дойдуга бэһис буоларын иһин Meta маннык айманна».
Маассабай коммуникацияҕа уонна СМИ-гэ бэрэссэдээтэл бастакы солбуйааччыта 2022 сыл олунньутугар Европа дойдуларыгар Instagram-ы туһаныы ыстатыыстыканы аҕалар: Россия — 64,1 мөлүйүөн, ол эбэтэр нэһилиэнньэттэн 44,7% (дьахталлар баһыйаллар), Турция — 55,7 мөлүйүөн, эбэтэр 65,5% (эр дьон), Британия — 33,5 мөлүйүөн, эбэтэр 49,2% (дьахталлар).
Санаттахха, бэнидиэнньик күнтэн Роскомнадзор, генеральнай борокуратуура ирдэбилинэн, Россия олохтоохторун баттыырга-күүһүлүүргэ ыҥырыылар иһин дойду сиригэр-уотугар Instagram-ҥа киириини хааччахтаабыта.
--
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0