Мунньахха норуот дьокутаатара, министиэристибэлэр уонна биэдэмистибэлэр бэрэстэбиитэллэрэ, туһааннаах уорганнар уонна тэрилтэлэр салайааччылара кыттыыны ыллылар.
«2024 сыллаах уонна былааннанар 2025-2026 сс. Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бүддьүөтүн туһунан» сокуоҥҥа уларытыылары киллэрии туһунан 88-7 №-дээх сокуон барылын СӨ үпкэ миниистирэ Валерий Жондоров иһитиннэрдэ.
Сокуон барылыгар этиллэринэн, 2024 сылга судаарыстыбаннай бүддьүөт дохуотун уопсай кээмэйэ 10 214 852,3 тыһ. солкуобайынан улаатан иһэр уонна сылыктааһын көрдөрүүтүнэн 312 831 808,2 тыһ. солк. буолуо, 2025 сылга 279 549 805,9 тыһ. солк. уларыйыыта суох хаалар, 2026 сылга 279 549 805,9 тыһ. солк. уларыйыыта суох хаалар.
2024 сылга ороскуот уопсай кээмэйэ 37 606 222,1 тыһ. улаатан 349 459 674,3 тыһ. солк. буолуо. 2025 сылга 270 424,8 тыһ. солк. улаатар уонна 282 307 824,5 тыһ. солк. суумалаах буолуоҕа. 2026 сылга уларыйыыта суох хаалар уонна 291 935 350,6 тыһ. солк. буолуоҕа.
2024 сылга бүддьүөт дефицитэ 27 391 370 тыһ. солк. улаатар уонна 36 627 866 тыһ. солк. тэҥнэһэр. 2025 сылга 270 425 тыһ. солк. улаатар уонна 2 758 019 тыһ. солк. буолуоҕа. 2026 сылга уларыйыыта суох хаалар уонна 2 374 574 тыһ. солк. тэҥнэһиэ.
Кэмитиэт чилиэннэрэ мунньах бастакы боппуруоһун дьүүллэһэн бараннар, «2024 сыллаах уонна былааннанар 2025-2026 сс. Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бүддьүөтүн туһунан» сокуоҥҥа уларытыылары киллэрии туһунан 88-7 №-дээх сокуон барылын бастакы уонна бүтэһиктээх ааҕыыга ылынары өйөөтүлэр.
Мунньах кыттыылаахтара иккис боппуруоһунан «Арассыыйа Федерациятыттан тахсыы уонна Арассыыйа Федерациятыгар киирии туһунан» Федеральнай сокуон 26⁶ ыстатыйатыгар уларытыылары киллэриини ырыттылар. Бу федеральнай сокуон барыла РФ сенатордара А.А. Клишас, Ю.К. Беляев, И.В. Рукавишникова уонна Госдуума дьокутаата В.П. Водолацкай көҕүлээһиннэринэн оҥоһуллубут.
Ил Түмэн вице-испиикэрэ, тустаах кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Александр Подголов иһитиннэрбитинэн, федеральнай сокуон барыла атын омук дойдуларыттан көһөн кэлии сокуонун тупсарыыга, чуолаан, Арассыыйаҕа гражданствота суох итиэннэ атын дойду олохтоохторо сымыйанан эр-ойох уонна аҕа буолууну оҥотторон, сокуоннайа суохтук миграционнай статус ылалларын туоратарга туһаайыллар.
Дьүүллэһии түмүгүнэн федеральнай сокуон барылын өйүүргэ уонна тустаах кэмитиэт уурааҕын Судаарыстыбаннай Дуума Тутулуга суох Судаарыстыбалар түмсүүлэрин, евразийскай алтыһыы уонна биир дойдулаахтары кытта сибээс боппуруостарын кэмитиэтигэр ыытарга быһаардылар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0