Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -10 oC

«Россия 24» ханаалга  Ил Дар­хан Айсен Николаев быһа эпииринэн  тахсан, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун ыйытыы­ларыгар хоруйдаабыта. Олортон сорох ыйытыыларга эппиэттэри ааҕаач­чыларбытыгар тиэрдэбит.

«Россия 24» ханаалга  Ил Дар­хан Айсен Николаев быһа эпииринэн  тахсан, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун ыйытыы­ларыгар хоруйдаабыта. Олортон сорох ыйытыыларга эппиэттэри ааҕаач­чыларбытыгар тиэрдэбит.

— Ааспыт нэдиэлэ бүтэһигэр эһиги өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын боппуруостарыгар мунньах ыыппыккыт. Билигин парламеҥҥа бүддьүөт корректировката бэлэмнэнэ турар. Саха сиринээҕи үп кылаабынай докумуона бүтэһиктээх көрүҥэ хайдах буолуоҕай?

—  Биһиги бүгүҥҥү сорукпут, бил­лэн турар, экэниэмикэҕэ көстүбүт содуллары кытары охсуһуу буолар. Бу содуллар дойдубутугар арҕааҥҥы сааҥсыйалартан сылтаан биллэ тураллар. Быһыы-майгы уустук, ол да буоллар биһиги онно бэлэм буолуохтаахпыт. Онон Арассыыйа Бэдэрээссийэтин субъек­тарын соруга – балаһыанньаны бигэтитии эрэ буол­бакка, салгыы сайыннарыы буолар. Ол курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биһиги, дойду иһинэн аан бастакынан, үгүс быһаарыныылары ылбыппыт. Бу быһаарыныыларга анаммыт үбү ыстааппыт, быһа холоон, 14,7 млрд. солкуобай диэн сыаналыыр. Манна киирсэллэр: нолуокка чэпчэтиилэр, судаарыстыба иһинээҕи бырагыраамалар сириэстибэлэрин саҥалыы үллэрии, судаарыстыбаннай бүддьүөт эбии ороскуота.

Бүгүҥҥү сүрүн сорукпут: хотугу оройуоннары олоххо суолталаах табаардарынан, нэһилиэнньэни үлэнэн хааччыйыы, олох ыарахан балаһыанньатыгар түбэспит дьону өйөөһүн, дьоҕус биисинэскэ көмөлөһүү уонна бу буолаары турар табаары маассабайдык тиэйэн аҕалыы иннинэ тиһиккэ киирсэр тэрилтэлэри көрүү-истии. Бу билигин аҕай Москуба куорат мээрэ Сергей Собянин РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Андрей Белоусовы кытта экэниэмикэ боппуруостарыгар уонна COVID-19 тарҕаныытын утарыытыгар РФ судаарыстыбаннай сэбиэтин үлэлиир бөлөҕүн сэлиэктэрдээх мунньаҕын ыыттылар. Онно эминэн, аһынан-үөлүнэн хааччыйыы, тыа хаһаайыстыбатын, тырааныспар үлэтин туһунан  хас да боппуруос көрүлүннэ. Олортон биир боппуруос – хоту дойдуга табаары тиэйии. Мин онно дакылааттаатым. Биһиэхэ бырыһыан ыстаапката улаатара, уматык сыаната үрдүүрэ туох эбии ороскуоту үөскэтэрин кэпсээтим. Сергей Семёнович биһиги этиибитин өйөөтө. Уонна билигин судаарыстыбаннай сэбиэт чэрчитинэн РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин таһымыгар көрүллүөхтээх боппуруостар испииһэктэрин бэлэмнииргэ дьаһал бэрилиннэ. Биһиги судаарыстыбаннай аппарааппыт сүрүн кыһалҕата – быһаарыы өр сөбүлэһиннэриллэр, дьүүллэнэр, ылыныллар. Бигэ экэниэмикэ усулуобуйатыгар бу – сөп. Оттон быһыы-майгы балачча тыҥааһыннаах буоллаҕына, быһаарыы түргэнник ылыллыахтаах. Ол иһин билигин миигинэн бигэргэтиллэр суһал ыстаап быһаарыылара биир хонук иһигэр тахсаллар. Мин көрдөһүүбүнэн, Судаарыстыбаннай мунньах өйөбүлүнэн, дойду бүддьүөтүн көннөрөр бырайыак бэлэмнэниллэр. Регламеннарга олоҕуран, бүддьүөт сокуона муус устар 28 күнүгэр көннөрүллүөҕэ.

100 e1609298349375

Саха Сирин олохтоохторо ас-үөл туһуттан долгуйаллара сөп дуо?

— Даачалаахтарга, тыа олох­тоох­торугар маннык балаһыанньаҕа көмөлөһүөххэ наада. Сиэ­мэлээх хортуоппуй бааһынай ырыынакка мэл­дьи атыыланар. Ону, биллэн турар, ыларгытыгар докумуонун көрөргүт ордук. Тыа хаһаайыстыбатын ми­нистиэристибэтигэр эбии хортуоппуй тиэйэн аҕаларга үп аныылларыгар дьаһал биэрдим.

— Саха сирин олохтоохторо табаар сэрэниэхтэрин наада дуо?

— Быһаччы эттэххэ – кырыымчык суох. Дойду бэйэтин аһынан-үөлүнэн кыайан хааччыйар. Дойду тас өттүттэн паниканы тардыы баар. Арассыыйаны утары информационнай сэрии ыытылла турар. Хата, Саха сирин олохтоохторо онно улаханнык бэриммэтилэр. Ол да түмүгэр, сыана кыралаан түһэн барда. Аллараа Бэстээххэ астаах-үөллээх уопсайа 1700 богуон кэлэрэ күүтүллэр. Олортон 250-на кэлбитэ.

— Омук табаарын бэйэбит киэнинэн солбуйууга туох миэрэ ылылларый?

— Билиҥҥи быһыыга-майгыга бэйэбит сөмөлүөттэрбит, олох-дьаһах табаардара суоҕа көстөн кэллэ. Онон ити хайыс­халары дойдубут ыксаллаахтык толоро сатаан, түргэнник инники баран эрэр. Маннык буолбута эмиэ да үчүгэйдээх дии санаатым. Арассыыйа курдук киэҥ, кыахтаах дойду бэйэтин бэйэтэ хааччыныахтаах. Билигин оҥорон таһаарарбытын аны тас дойду ырыынактарыгар эмиэ атыылыахпыт диэн толкуйданыахтаахпыт. Ити өттүгэр биһиэхэ кыах бэрилиннэ.

storonnee vozdejstvie2 1024x576

— Ленин бэрэспиэгэ төһө өр өрөмүөннэниэй?

— Тулуйа түһүөхпүтүн наада. Быйылгы былаанынан ЛОРП-тан Кулаковскай уулуссатыгар диэри суол оҥоһуллуохтаах. Оттон эһиил бу үлэ салҕанан, бэрэспиэк бүтүннүү 2023 сыл күһүнүгэр өрөмүөннэнэн бүтүөҕэ.

—  Кулун тутар 24 күнүгэр биһиэхэ Уһук Илин федеральнай уокуругун боломуочунай бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев кэлэр. Бэбиэскэ боппуруостара туохханый? Тугу дьүүллэһиэхтээххитий?

— Уһук Илин хоту өттүгэр табаары тиэйии боппуруоһун дьүүллэһиэхтээхпит. Оттон өрөспүүбүлүкэбитин таарыйар буоллахха, ас-үөл, туһанааччы ырыынагын куттала суох буолуутун көрүөхтээхпит. Ону таһынан, хомунаалынай, энергетическэй уо.д.а. тэрилтэлэр үлэлэрин чочуйар, сааһылыыр миэрэлэри ылар туһунан кэпсэтии барыаҕа.

823222fee6d96e43818bf18c0703765c

— Ааспыт нэдиэлэҕэ коронавирус үгүс хааччаҕа ылыллыбыта. Оттон хааччах барыта көтүрүллэрин хаһан күүтүөххэ сөбүй?

— Дьиҥэр, хааччах барыта көтүрүллэн, мааска эрэсиимэ эрэ хаалла. Дойду доруобуйа харыстабылын миниистирэ Михаил Мурашко бүгүҥҥү мунньахха мааска эрэсиимин устарга тиэтэйимэҥ диэн көрдөстө. Тоҕо диэтэххэ, элбэх дойдуга, Арассыыйа сорох эрэгийиэн­нэригэр даҕаны омикрон мутацията үксээн иһэр. Онон ыарыыны кыайыахпытыгар диэри мааска эрэсиимин хаалларарбыт ордук.

— Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр кардиологическай киин хайдах үлэлии турарый?

— Дьиҥинэн, кардиологичес­кай кииммит үлэтин саҕалыы илик. Билиҥҥитэ, бүтүннүү тутуллан, доку­муона барыта ситэн бэлэм турар. Аны тэрилин тургутан тутта сылдьаллар. Онон киин аҕыйах ыйынан официальнайдык үлэтин саҕалыыра былааннанар.

5ebbccacdcc8e

— Саха сиригэр халааҥҥа бэлэмнэнии саҕаланна. Ити туһунан тугу сылыктыахха сөбүй?

— Муус халыҥа нуорматааҕар балачча кыра буолан турар. Ол да буоллар, синньигэс муус этэҥҥэ барарын мэктиэлээбэт. Ардыгар маннык бытархай муус биир сиргэ иҥнэн хаайтарыыны үөскэтэр. Маны эһэр сатаммат. Итинтэн сылтаан халаан эмиэ буолуон сөп.

— «Сыырдаах» СОТ олохтоохторо хаһыс да сылбытын гааһы кыайан киллэртэрбэккэ сылдьабыт. Турбата дьиэ аттыгар турар, оттон гааһа бэйэтэ суох. Гааһы хаһан күүтүөхпүтүн сөбүй?

— Гаас турбанан кыайан ааспат кыһалҕата баар. Быйыл Сахатранснефтегаз турбаны кэҥэтиигэ уонна эргиир быһыылаах оҥорууга үлэ ыытыахтаах. Онон гаас тиийбэтэх сиригэр барытыгар быйыл тиийиэҕэ. Былырыын Биир ньыгыл Арассыыйа баартыйа сийиэһигэр дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин социальнай ситэри гаастааһын бырагырааматыгар сыһыаннаах быһаарыылары, сокуоннары бигэргэппитэ. Былырыын биһиэхэ 300 дьиэҕэ гаас киирдэ. Быйыл гаас киирэр сирин иэнин кэҥэтэр былааннаахпыт. Өссө биир кыһалҕабыт – гаас хочуолун сыаната ыарааһына. Бу тэриллэр үксэ тас дойдулартан киирэллэр, ыарааһын биричиинэтэ өйдөнөр. Үгүс дьон маннык сыананы уйуммат. Ол иһин Сахатранснефтегаз 2000 кэриҥэ хочуолу ыларыгар дьаһал бэрилиннэ. Бу хочуоллар бэрээдэктэммит сыананан атыыланар буолуохтара. Ону таһынан, кыра дохуоттаах гражданнары социальнай гаастыырга 100 тыһ. солкуобай көрүллэр эбит буоллаҕына, билигин бу сууманы 150 тыһ. солкуобай гынныбыт.

c5cac39e83b29799162ee8dfb3d0de9c20552bcb

— Чаппандаҕа саҥа сад-оскуоланы тутан саҕалаабыттара ыраатта, тутан бүтэриэ суохтар диэн долгуйабын. Оскуолабытын биһиэхэ ситэри тутуохтара дуо?

—  Миэхэ тутуу үлэтин дакылаат­тыылларыгар Чаппанда оскуолатын тутууга былаан барыта туола турар диэн информация кэлэр. Онон бу эбийиэги быйыл тутан бүтэриэхтэрэ диэн эрэллээхпин.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением