Муус устар 18 күнэ. Айсен Николаев дойду Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Марат Хуснуллинныын көрүстэ.
Салайааччылар өрөспүүбүлүкэ олох-дьаһах уонна экэниэмикэ өттүнэн сайдыытын, суолу-ииһи, дьиэни-уоту тутуу ыйытыыларын, быйылгы сыллааҕы былааннарын уонна соруктарын ырытыстылар.
Дьиэни-уоту тутууга Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ инники күөҥҥэ сылдьар. Өрөспүүбүлүкэҕэ дьону хаарбах дьиэттэн-уоттан көһөрүүгэ дойду бары эрэгийиэннэринээҕэр улахан бырагыраама олоххо киирэр.
2022 сылга Саха сиригэр 583,9 тыһ. кв. м. дьиэ-уот тутулунна (былаан 106% туолла). Саахалланар кутталлаах фондаттан 25, 69 тыһ. киһи көстө, чэпчэтиилэринэн туһанар категорияҕа киирсэр 1226 дьиэ кэргэн дьиэнэн -уотунан хааччылынна.
Быйыл тутуу эмиэ үрдүк тэтимнээхтик барар. 2023 сыл тохсунньу-олунньу ыйдарыгар 95 тыһ. кв. м. дьиэни-уоту тутан киллэрдилэр. Ити былырыыҥҥы бу кэм көрдөрүүтүн балтараа төгүл куоһарар.
Айсен Николаев Марат Хуснуллинныын социальнай эбийиэктэри, ол иһигэр Уһук Илиҥҥэ саамай улахан онкологическай киини тутуу туһунан кэпсэттилэр.
Маны сэргэ кинилэр эрэгийиэҥҥэ суолу-ииһи тутуу боппуруостарын көрдүлэр. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыагынан 2022 сылга суолу өрөмүөннээһиҥҥэ уонна тутууга хаһан да ситиһиллибэтэх тэтимҥэ таҕыста – 580 км тахса суол-иис уонна 7 муоста тутулунна. 2018 сылтан барыта холбоон 2,5 тыһ. км суол уонна 47 муоста үлэҕэ киирдэ.
Улахан болҕомтону кэпсэтиигэ федеральнай суолталаах «Лена», «Бүлүү» уонна «Халыма» суолларга уурдулар. Итини кытта муосталары тутуу, ол иһигэр Өлүөнэ өрүһү нөҥүөлүүр муостаны бырайыактааһын үлэтин түмүктээһинин ырыттылар.
Муус устар 19 күнэ. Ил Дархан «Хоту» научнай-үөрэтэр киин кэтээн көрөр сэбиэтин мунньаҕын ыытта. Манна ааспыт сылга үлэ түмүктэрин уонна быйылгы былааны көрдүлэр. Научнай-үөрэтэр киин былырыын 67 технологияны оҥорон олоххо киллэриигэ биэрдэ, айымньыларга 82 патены регистрациялаата. Учуонайдар 3 647 ыстатыйалара национальнай библиографическай баазаҕа киирэр сурунаалларга таҕыста. Ол курдук, НҮК технологияларын ахсааныгар искусственнай сүрэх, плазменнай сүүрээн көмөтүнэн раагы эмтээһин ньымата, тиис имплантаннарын оҥорор анал бороһуок киирэллэр. Бырамыысалыннаска анаан сибээс түмүгэр лазерынан информацияны тиэрдэр тэрили, тымныыны тулуйар, бөҕө эрэһиинэни, космоска туһанарга плазменнай мотуору уо.д.а. айдылар.
Айсен Николаев мунньаҕы түмүктүүрүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ кэлим научнай чинчийиилэри ыытар бырагыраамаҕа майгынныыр науканы уонна технологиялары сайыннарыыга анаммыт эрэгийиэннээҕи бырагыраамалары тэрийии кыахтарын үөскэтэр наадалаах диэтэ. Маны сэргэ научнай-үөрэтэр кииҥҥэ индустриальнай партнёрдары кыттыһыннарыыга үлэни күүһүрдэргэ ыҥырда. Ил Дархан итиэннэ бүгүҥҥү балаһыанньаҕа бырамыысалыннай тэрилтэлэр уонна дойду сэбилэниилээх күүстэрин көрдөбүллэрин толорууга улахан болҕомто ууруллуохтааҕын бэлиэтээтэ.
Муус устар 19 күнэ. Айсен Николаев дойду айылҕа баайыгар уонна экологияҕа миниистирэ Александр Козловтуун көрүстэ. Салайааччылар Саха сиригэр геологоразведка үлэтин сайыннарыы уонна ойуур баһаардарыгар бэлэмнэнии туһунан кэпсэттилэр.
Ил Дархан бырамыысалыннас күүстээхтик сайдыытын хааччыйар уонна сир баайын саппааһын хаҥатар туһугар Саха сирэ минеральнай-сырьевой баазаны улаатыннарыыга пилотнай эрэгийиэн буолары көҕүлээтэ диэн эттэ. Үбүлээһини улаатыннарыы элбэх саҥа сирдэр туһунан дааннайдары ыларга кыах биэриэҕэ. Ити дойду хотугу - илиҥҥи өттүн тэтимнээхтик сайыннарыаҕа, инвестициялары аҕаларга төрүт буолуоҕа. 2022 сыл түмүгүнэн Саха сиригэр геологоразведкаҕа хаһааҥҥытааҕар да элбэх үп-харчы – 50 млрд солкуобай көрүлүннэ.
2023 сылга ойууру харыстааһыҥҥа федеральнай бүддьүөттэн кэлэр үп былырыыҥҥы таһымыгар хаалла. Харабылланар сир-уот 40% кэҥэтилиннэ. Маныаха өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн ороскуота 990 мөл. солкуобайга диэри улаатта. Ити баһаары умулларыыга сиргэ үлэлиир баһаарынай тэриллиилэр ахсааннарын, маршруттарын элбэтэргэ кыах биэрдэ.
Ойуур баһаардарын үөһэттэн авиация көмөтүнэн кэтииргэ уонна умулларыыга хантараактар баттаннылар, 260 тиэхиньикэ үлэлииргэ бэлэм турар. Өрөспүүбүлүкэ Быыһыыр сулууспатын аэромобильнай бөлөҕүн үлэһиттэрин ахсаанын элбэттилэр.
Муус устар 19 күнэ. Ил Дархан сааскы халаан уутугар бэлэмнэниигэ мунньах ыытта. Айсен Николаев быйыл хаар элбэх буолан, ордук кыра өрүстэр кутталлаахтарын бэлиэтээтэ.
«Балаһыанньа тыҥааһыннаах. Уустук халааҥҥа бэлэмнэниэхпитин наада. Хоромньу тахсыытын утары миэрэлэри ылынарга бириэмэ өссө баар. Улахан болҕомтону гидротехническай тутуулары бөҕөргөтүүгэ ууруҥ. Буору, кумаҕы, тааһы таһан бэлэмнээҥ», – диэн дьаһайда Айсен Николаев.
Ил Дархан халааҥҥа бэлэмнэниигэ миэстэтигэр улуустар баһылыктара эппиэтинэһи сүгэллэрин тоһоҕолоон эттэ.
Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын сорудаҕынан кыра өрүстэрдээх кутталлаах сирдэргэ бырабыыталыстыбаттан муниципалитеттар кураатардарын көмөҕө ыытыахтара.
Халаан кэмигэр өрөспүүбүлүкэ мелиорацияҕа управленията 46 гидротехническай эбийиэккэ дьуһуурустуба тэрийиэҕэ. Манна 67 анал тиэхиньикэни бэлэм тутуохтара. Билигин тэрилтэ үлэһиттэрэ саахал буолар түгэнигэр диэн буор, кумах бэлэмнииллэр уонна эбийиэктэри хаартан, муустан ыраастыыллар.
Муус устар 19 күнэ. Ил Дархан Судаарыстыбаннай Дуумаҕа «Саҥа дьон» баартыйа фракциятын баһылыга Алексей Нечаевтыын көрүстэ.
Салайааччылар эрэгийиэҥҥэ дьоҕус уонна орто урбааны уонна туризмы сайыннарыы боппуруостарын туһунан кэпсэттилэр. Санатан эттэххэ, «Саҥа дьон» бэрэстэбиитэллэрэ Судаарыстыбаннай Дуумаҕа профильнай кэмитиэттэри салайаллар.
Саха сирэ уонна «Саҥа дьон» баартыйа уопсай сүрүн сыаллара – өрөспүүбүлүкэни уонна дойдуну сайыннарыы. Алексей Нечаев бары ыйытыыларга биир уопсай тылы буллубут, салгыы үлэҕэ бэлэммит диэтэ.
Муус устар 21 күнэ. Айсен Николаев дойду тутууга министиэристибэтин уонна Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын эрэгийиэннэри сайыннарыыга хамыыһыйатын Президиумун кэллиэгийэлэригэр кытынна. Манна ааспыт сылга тутуу уонна дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыбатын салааларын үлэлэрин түмүгүн уонна быйылгы былааннарын көрдүлэр. Мунньаҕы дойду Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Марат Хуснуллин салайан ыытта. Тэрээһиҥҥэ Арассыыйа Бэрэсидьиэнин көмөлөһөөччүлэрэ Максим Орешкин уонна Игорь Левитин кытыннылар. Дойду Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин видеонан этиитигэр ааспыт сылга Арассыыйа историятыгар хаһааҥҥытааҕар да элбэх дьиэ-уот тутуллубутун бэлиэтээтэ (103 мөл кв. миэтирэ).
«Дьиэни-уоту тутууга өрөспүүбүлүкэ 2022 сыллааҕы былаанын аһары толордубут, быйылгы сыл бастакы ыйдарыгар тэтим эмиэ намтаабат», – диэтэ Айсен Николаев. Быйыл Саха сиригэр 650 тыһ. кв. миэтирэ дьиэни-уоту киллэрэр былаан турар. 2023 сыл түмүгэр 2019-2021 сыллары холбоон хаарбах дьиэттэн 30,88 тыһ. киһи көһөрүллүөхтээх.
Муус устар 21 күнэ. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэҕэ национальнай бырайыактары уонна «Тыа сирин кэлимник сайыннарыы» бырагырааманы олоххо киллэриигэ мунньах ыытта.
Айсен Николаев дойду Бэрэсидьиэнин быһаарыытынан өрөспүүбүлүкэҕэ национальнай бырайыактары үбүлээһин лаппа улааппытын бэлиэтээтэ.
«Быйыл Саха сиригэр национальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ 58 млрд тахса солкуобай, ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн 18 млрд, сири-уоту сайыннарыы фондатыттан 29 млрд, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 10-тан тахса млрд, муниципалитеттар бүддьүөттэриттэн миллиард аҥаара кэриҥэ солкуобай көрүлүннэ. Ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, бу 37% элбэх. Итинэн ситимнээн тутуллар эбийиэктэр ахсааннара эмиэ элбээтэ», – диэн эттэ Айсен Николаев. Былырыын национальнай бырайыактарынан 22 эбийиэги тутуу ыытыллыбыт эбит буоллаҕына, быйыл 65 эбийиэги бырайыактааһыҥҥа уонна тутууга үлэ ыытыллыаҕа.
«Тыа сирин кэлимник сайыннарыы» бырагырааманы олоххо киллэриигэ быйыл 1 млрд солкуобай, ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн 578 мөл. солкуобай көрүлүннэ. Бу бырагырааманан Саха сиригэр 2023 сылга 13 эбийиэк тутуллар, итинтэн 6-та быйыл үлэҕэ киллэриллиэхтээх.
Муус устар 22 күнэ. Ил Дархан «Сбербанк» Байкааллааҕы баанын бэрэссэдээтэлэ Александр Абрамкинныын көрүстэ. Салайааччылар өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтин салааларын сыыппараҕа көһөрүүгэ үлэни салгыы ыытар туһунан кэпсэттилэр.
Айсен Николаев уонна Александр Абрамкин ыам ыйын бүтүүтэ стратегическай дизайн-сессияны ыытыах буоллулар. Манна интэриэстээх министиэристибэлэр уонна биэдэмэстибэлэр бары кыттыахтара. Дизайн-сессия түмүгүнэн сүрүн быһаарыныылар ылыныллан сыыппара технологияларын туһаныы былаанын акылаата буолуохтара.
Көрсүһүүгэ оптуобус пааркатын саҥардыыны, Дьокуускай куорат таһыгар, оройуоннар икки ардыларыгар сылдьар оптуобустары атыылаһыыны ырытыстылар. Итини сэргэ Сбербанк «Иһинээҕи суолларга сылдьар билиҥҥи өрүс флотун үөскэтиигэ дойду кыахтарын сайыннарыы уонна саҥардыы» инвестиционнай бырайыакка кыттыытын боппуруостарын көрдүлэр.
Муус устар 23 күнэ. Ил Дархан Дьокуускай куоракка хаары ыраастааһын уонна уулуссаларга халыйбыт ууну хачайдааһын боппуруостарыгар мунньах ыытта.
«Куоракка хаары ыраастааһыҥҥа уонна халыйбыт ууну хачайдааһыҥҥа балаһыанньа тыҥааһыннаах. Бүгүн эмиэ куорат устун сырыттым. Сорох үөрэх кыһаларыгар үлэ ыытыллара көстөр. Ол гынан баран субуотунньуктары үксүн учууталлар уонна үөрэнээччилэр төрөппүттэрэ ыыталлар эбит», – диэтэ Айсен Николаев.
Ил Дархан куорат баһылыгар Евгений Григорьевка бары үөрэх кыһаларыгар сылдьан хаары тиэйии уонна ууну хачайдааһын үлэтин бэрэбиэркэлииргэ соруйда. Маны сэргэ бу күннэргэ Дьокуускайга маассабай суботунньуктары тэрийиҥ диэн дьаһайда.
Бу иннинээҕи күн Айсен Николаев үөрэнээччилэр уонна төрөппүттэр туруорсууларынан 31-с оскуолаҕа уонна хас да оҕо саадыгар сырытта. Ити түмүгүнэн куорат управаларыгар ыраастыыр үлэни ыытарга министиэристибэлэри уонна биэдэмэстибэлэри сыһыарарга сорудах биэрдэ.
Хаартыска аhаҕас источниктан ылылынна.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0