Ыам ыйын 3 күнэ. Ил Дархан бу күн Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьевтыын көрүстэ. Салайааччылар «Сатал» түөлбэ олохтоохторун сирдэрин сокуон быһыытынан докумуоннарын оҥоруу боппуруостарын туһунан кэпсэттилэр.
«Миэхэ Саталга олорор элбэх дьон суруйаллар. Бу дьон бырааптарын чөлүгэр түһэриэхтээхпит. Кинилэр кыһалҕаларын быһаарыыга бары суоллары көрүөххэ, учаастактарын докумуоннарын оҥороллоругар көмөлөһүөххэ наада», – диэн соруйда Айсен Николаев.
Маны сэргэ бу түөлбэҕэ олох-дьаһах инфраструктуратын тутууну учуоттуохтара. Ол курдук, аан бастаан оскуоланы тутуу ыйытыыларын көрүөхтэрэ.
Евгений Григорьев көрсүһүүгэ бу боппуруостары быһаарыы суолларын билиһиннэрдэ.
«Былааммытыгар көннөрүүлэри киллэрэн баран, бүтэһик варианын Ил Дархан көрүүтүгэр биэриэхпит. Ити түмүгүнэн быһаарыныылары ылыныахпыт», - диэтэ Евгений Григорьев.
Ыам ыйын 3 күнэ. Айсен Николаев Арассыыйа Федерациятын ис дьыалаҕа миниистирэ, полиция генерала Владимир Колокольцевы кытта көрүстэ.
Ис дьыала миниистирэ эрэгийиэҥҥэ балаһыанньа үчүгэй, хонтуруолланар диэн сыаналаата. Ол курдук, кэлиҥҥи кэккэ сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ сокуону кэһии таһыма Уһук Илин федеральнай уокуругун эрэгийиэннэрин ортолоругар саамай намыһах, ол иһигэр ыарахан буруйу оҥорууга эмиэ.
Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ былаастара уонна Саха сирин ис дьыалаҕа министиэристибэтэ быраабы, сокуону кэһиини буойарга туһуламмыт кэккэ бырагыраамалары олоххо киллэриигэ бииргэ үлэлэһэллэрин бэлиэтээтэ.
Ити түмүгэр «Якутское» 2 №-дээх полиция отделын дьиэтэ үлэҕэ киирдэ уонна бүгүн профессиональнай бэлэмнэнии киинигэр тиирдээх спортивнай саала тутуллар. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн суотугар суолга сырыы куттала суох буолуутун көрөр судаарыстыбаннай инспекция өҥөлөрүн оҥорор киин уонна миграция салаата үлэлииригэр анал дьиэни атыылаһыы боппуруоһа быһаарылынна. Дьокуускай куорат криминогеннай оройуоннарыгар полиция үлэһиттэригэр анал кыбартыыралары биэрдилэр. Кинилэргэ маннык усулуобуйаны туох эрэ буолар түгэнигэр суһаллык тиийэллэригэр анаан тэрийдилэр.
Өрөспүүбүлүкэҕэ «Куттала суох куорат» комплексы сайыннараллар. Ол чэрчитинэн 853 кэтээн көрөр видеокамера, «гражданин-полиция» диэн түргэн сибээс 15 систиэмэтэ, суол быраабылатын кэһиини көрөр 159 стационарнай уонна хамсыыр комплекстар үлэлииллэр.
Арассыыйа Федерациятын ис дьыалаҕа миниистирэ уонна Ил Дархан көрсүһүүгэ сокуону кэһиини утары охсуһуу уонна нэһилиэнньэ куттала суох буолуутун хааччыйыы үлэтин тупсарыы боппуруостарын ырытыстылар.
Ыам ыйын 4 күнэ. Айсен Николаев бу күн 1 № - дээх холуоньуйа оҥорон таһаарар учаастактарын баран көрдө. Ол курдук, маһы, тимири таҥастыыр уонна таҥас тигэр сыахтарга сырытта.
«Манна буруйдарын боруостуу сылдьар дьоҥҥо үлэлиири таһынан өссө идэни ыларга усулуобуйа тэриллибит. Ити көҥүлгэ тахсан оннуларын булуналларыгар туһалаах буолуоҕа. Онон бу хайысханы салгыы сайыннарар сөп», – диэтэ Айсен Николаев.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Арассыыйа УФСИНын начаалынньыга Василий Седрисев аҥардас быйыл чэпчэки бырамыысалыннас 100 саҥа оборудованиетын атыыластыбыт диэн эттэ. Кини былырыын холуоньуйаҕа 154 мөл. солкуобай суумалаах сакаас киирбитин иһитиннэрдэ. Ити 2021 сыллааҕы көрдөрүүттэн 73 % элбэх.
Айсен Николаев бырабыыталыстыба саайааччыларыгар холуоньуйа оҥорон таһаарар бородууксуйатын үөрэтэргэ уонна сакаастары салгыы биэрэргэ соруйда. Манна ордук дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыбатыгар наадалаах тимир конструкциялар ирдэнэллэрин эттилэр.
Ыам ыйын 5 күнэ. Ил Дархан Дьокуускай куоракка архитектура историческай пааматынньыктарын чөллөрүгэр түһэриигэ мунньах ыытта. Кини архитектордар, тутааччылар уонна уопсастыбанньыктар Дьокуускайдааҕы Троицкай кафедральнай собуор, Дьокуускайдааҕы реальнай училище, куораттааҕы эр дьон прогимназиятын дьиэлэрин, Шергин шаахтатын чөллөрүгэр түһэриигэ уонна «Мас Дьокуускай. Залог» историческай зонаны арыйыыга былааннарын иһиттэ. Бу түмүгүнэн Айсен Николаев араас экспертизалары ыытыыны түргэтэтэргэ уонна историческай эбийиэктэри чөллөрүгэр түһэриигэ, туһаныыга былааннары киниэхэ бигэргэтиигэ киллэрэргэ дьаһайда. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга «Мас Дьокуускай. Залог» историческай зонаны ырытыһыыга бу оройуон маастар-былаана суоҕун бэлиэтээтэ.
«Куорат историческай зонатын маастар-былаанын адьас түргэнник оҥоруохха наада. Архитектордар тутааччылар иннилэригэр сылдьыахтаахтар. Өйдөнүмтүө, ис хоһоонноох быһаарыныылар наадалар», – диэн тоһоҕолоон эттэ Айсен Николаев.
Маныаха дьиэлэр историческай тас көстүүлэрин төһө кыалларынан хаалларар уонна бу зонаны ирдэнэр инфраструктуранан хааччыйар сорук турар. Ил Дархан бу тутуулар хатыламмат кэрэлээхтэрин, ааспыт кэмнэр тыыннарын бэйэлэригэр иҥэриммиттэрин бэлиэтээтэ.
Архитектура историческай пааматынньыктарын чөллөрүгэр түһэриигэ үлэ Саха сирэ Арассыыйа судаарыстыбатыгар киирбитэ 400 сылыгар бэлэмнэнии чэрчитинэн уонна Дьокуускай куорат 400 сыллаах үбүлүөйүн көрсө ыытыллар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0