Ил Түмэн урбааҥҥа уонна туризмҥа сис кэмитиэтэ быырпаҕы кутарга биир стандарт оҥоһулларын ситиһэргэ этии киллэрбитэ. Холобур, үрүҥ аска тиэхиньиичэскэй регламент баар, ол иһигэр кымыс, айран киирэллэр, быырпах онно хабылла илик. Бу боппуруоһу быһаарарга сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Алексей Корнилов Тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэти кытта бииргэ үлэлэһиэхтээхтэрин туһунан этэр. Судаарыстыбаннай стандарт федеральнай таһымҥа бигэргэнэрин ситиһиэхтээхтэр.
Дьиҥэр, быырпах хайдах оҥоһуллар технологиятын бары билэллэр эрээри, соруйан доруоһаны эбэн, кыынньаран таһаараллар. Өскөтүн ГОСТ киирдэҕинэ, технологияны кэһии тохтуо этэ. Судаарыстыбаннай стандарт оҥорорго научнай үлэ ыытыллыаҕа. ГОСТ ирдэбилин тутуспакка эрэ быырпаҕы атыылыыр бобуллуоҕа.
Василий Кононов хаартыскаҕа түһэриитэ.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0