Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -2 oC

Саха Өрөспүүбүлүкэтин тэлэбиидэнньэтин уонна араадьыйатын тэхэньиичэскэй киинин (ГУП “ТЦТР РС (Я)”) видео-кэтэбилин систиэмэтин көмөтүнэн Өлүөнэ өрүскэ муус уустуутун быһа холбонон көрүөххэ сөп.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин тэлэбиидэнньэтин уонна араадьыйатын тэхэньиичэскэй киинин (ГУП “ТЦТР РС (Я)”) видео-кэтэбилин систиэмэтин көмөтүнэн Өлүөнэ өрүскэ муус уустуутун быһа холбонон көрүөххэ сөп.

Тэрилтэ видео-камералара биэс нэһилиэнньэлээх пууҥҥа тураллар – Ленскэйгэ, Өлүөхүмэҕэ, Покровскайга, Бэстээххэ уонна Сангаарга.

Камералар Өлүөнэ өрүс кытылларын саамай үөһэ чыпчаалларыгар ыйанан тураллар. Онон өрүһү киэҥ сиринэн хабан көрдөрөллөр.

Урутаан билгэлээһининэн,  Өлүөнэ  эбэ мууһа Ленскэйгэ уонна Өлүөхүмэҕэ ыам ыйын 9-14 күннэригэр хамсыыра сабаҕаланар. Видео-кэтэбил көмөтүнэн уу таһымын манаан олоруохха сөп. Ону сэргэ, халаан кэмигэр суһал дьаһаллары ылынарга табыгастаах.

Билигин Өлүөнэ өрүһү https://www.tctr.ru/dvizhenie-ledokhoda диэн сыылканан киирэн төлөпүөнүнэн эбэтэр көмпүүтэринэн быһа холбонон көрүөххүтүн сөп.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Олохтоох салайыныы

Таатталар түмсэллэр

Муус устар 24 күнүгэр Таатта улууһун баһылыга Айаал Бурцев Дьокуускайга олорор биир…
26.04.24 13:24