Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -8 oC

Өрөспүүбүлүкэ ыксаллаах быһыыга-майгыга сулууспата иһитиннэрэринэн, Бүлүү, Ньурба, Өлүөхүмэ, Орто Халыма уонна Томпо улуустарыгар уопсайа 10 ойуур баһаара турбут.

Өрөспүүбүлүкэ ыксаллаах быһыыга-майгыга сулууспата иһитиннэрэринэн, Бүлүү, Ньурба, Өлүөхүмэ, Орто Халыма уонна Томпо улуустарыгар уопсайа 10 ойуур баһаара турбут.

Бүгүҥҥү туругунан, 695,1 га иэннээх ойуур уот аһылыга буолан күдэҥҥэ көттө. Маныаха бэҕэһээ 57 га иэннээх сиргэ үс ойуур баһаарын умуллардылар.

1574458180 0 0 3640 2048 600x0 80 0 0 aa5596b87f9853fef460c1a0999c86ca

Билигин нэһилиэнньэлээх пууннарга буруо хойуутун бэрэбиэркэлии сылдьаллар. Бэҕэһээ салгынтан 13 боруоба ылыллыбыт. Чинчийиилэр буруо нуорманы иһинэн буоларын көрдөрбүттэр.

“Бэҕэһээ биир уот кыайтарда. Ол эрээри, уот турбут сирин иэнэ 207,1 ганан эбии кэҥээтэ. Ол эбэтэр эрдэтээҕи баһаардар улаатан уонна саҥа уоттар көстөн биэрдилэр. Билигин Ньурба, Орто Халыма уонна Томпо улуустарыгар түөрт улахан уот турар. Уопсай иэннэрэ 592 гаҕа тэҥнэһэр. Онон ураты хонтуруолга сылдьаллар”, – диэн ыксаллаах быһыы-майгы сулууспатын начаалынньыга Павел Гарин иһитиннэрдэ.

8d542ed7b5710cf43102c8a86879165d 1

Ойуур баһаардарын умулларыыга уопсайа 237 киһилээх уонна 25 тиэхиньикэлээх бөлөхтөр үлэлии сылдьаллар, олор истэригэр ойуур харыстабылын байыастара уонна олохтоох нэһилиэнньэ эр дьоно. Маны сэргэ, 14 патрул рейдэ оҥорор. Ол түмүгэр 4 административнай боротокуол уонна 92 инструктаж оҥоһуллубут.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Олохтоох салайыныы

Таатталар түмсэллэр

Муус устар 24 күнүгэр Таатта улууһун баһылыга Айаал Бурцев Дьокуускайга олорор биир…
26.04.24 13:24