Суһал штаб иһитиннэриитинэн, бэс ыйын 6 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 16 ойуур баһаара 2 635,5 га сири хабан умайа турар. Бу баһаардар 9 улуус сиригэр бэлиэтэнэллэр (Сунтаарга – 4, Ньурбаҕа – 3, Кэбээйигэ – 2, Бүлүүгэ – 2, Үөһээ Бүлүүгэ – 2, Хаҥаласка – 1, Ленскэй – 1, Уус Майаҕа – 1). Бүгүҥҥү туругунан, уот нэһилиэнньэлээх пууннарга кутталы үөскэппэт.
Ааспыт суукка устата уопсайа 90 галаах сиргэ 6 баһаары умулларбыттар. Ол гынан баран, саҥа 3 ойуур баһаара көстүбүт (58,5 галаах сиргэ). Билигин ити баһаардары умулларыы үлэлэрэ бара тураллар. Маны таһынан, киһи кыайан тиийбэт сиригэр 7 ойуур баһаара хонтуруолга сылдьар.
Өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 1 531 киһи ойуур баһаардарын умулларыыга үлэлии сылдьар (Авиалесохрана – 310 киһи, “Якутлесресурс” – 146 киһи, ЫБМ – 30 киһи, олохтоох нэһилиэнньэ – 1029 киһи) уонна 205 тиэхиньикэ.
Бүгүн РФ ЫБМ министиэристибэтин БЕ-200 амфибия-сөмөлүөтэ Сунтаар улууһугар үлэлиир. Ньурба улууһугар Ми-8 бөртөлүөт үлэтин салҕыыр. Балаһыанньаттан көрөн, өссө биир Ми-8 бөртөлүөт Үөһээ Бүлүү улууһугар кэлэрэ былааннаммыт.
Сарсын, бэнидиэнньиккэ, Хабаровскайтан уонна Владивостоктан уопсайа 160 парашютист кэлэрэ күүтүллэр. Бу исписэлиистэр Үөһээ Бүлүү уонна Ньурба улуустарыгар үлэлиэхтэрэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0