Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -4 oC

Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2008 сыл тохсунньу 31 күнүнээҕи 550-З 1115-III №-дээх “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ойуур сыһыаннаһыыларыгар кэккэ боломуочуйалары толоруу туһунан” эрэгийиэннээҕи сокуоҥҥа олоҕуран уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин экологияҕа министиэристибэтин дьаһалынан, Саха сиригэр сир аһын хомуйуу быйылгы болдьоҕо чопчуланна.

Дьэдьэни от ыйын 10 күнүттэн Аммаҕа, Тааттаҕа, Уус Алдаҥҥа уонна Намҥа хомуйар көҥүллэнэр. Икки күнүнэн хойутаан Чурапчы, Сунтаар уонна Хаҥалас улуустарыгар дьэдьэнниэххэ сөп. От ыйын 20 күнүттэн сугуннуур көҥүллэнэр.

Моонньоҕон хоту улуустарга атырдьах ыйын 5 күнүттэн ситэр. Бүлүү улуустарыгар атырдьах ыйын ортотуттан хомуйар көҥүллэнэр.

Отону атырдьах ыйын 20 күнүттэн хомуйуохха сөп.

Ыт тиҥилэҕин Бүлүү улуустарыгар от ыйын 18-20 күннэриттэн хомуйар көҥүллэнэр.

Кедр эриэхэтэ атырдьах ыйын 25 күнүттэн, сорох улуустарга балаҕан ыйын 1 күнүттэн ситэр. Ол кэннэ эрэ хомуйуохха сөп.

Тэллэйгэ болдьоҕунан хааччахтааһын суох. Ол гынан баран, тэллэйи төрдүттэн быһан уонна силиһин алдьаппакка ылар ирдэниллэр.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением