Бу иннинэ социальнай ситимнэргэ суруйааччы Борис Акунин кини аатынан туруоруллубут пьесалара, испиктээкиллэрэ РФ Култуураҕа министиэристибэтин ирдэбилинэн, Арассыйатааҕы ыччат академическай тыйаатырга афишаларын уһулбуттарын туһунан иһитиннэрдэ. Ону таһынан, суруйааччы Александринскай тыйаатырга кини аата афишаттан сотуллубутун туһунан этиннэ.
РИА «Новости» иһитиннэрэринэн, « судаарыстыбаннай тэрилтэлэр көрдөрөр, иһитиннэрэр, реклаамалыыр матырыйаалларыгар маннык диэйэтэллэр ааттара уонна мэтириэттэрэ дьону-сэргэни аймыыр» диэн биэдэмистибэ быһаарар. - Утарсар дьон ахсаана үксээн эрэрин уонна уопсастыба ирдэбилин биһиги ахсарбат буоларбыт сатаммат, – диэн РФ Култуураҕа министиэристибэтэ суруйар.
Санаттахха, Арассыыйа олохтоохторун кыраныысса таһыгар туоруулларыгар, утарсааччы судаарыстыбалар, атын бэлитиичэскэй сыалга туһаналларыгар араас сайабылыанньалары баттаталлар. Бу сыалга РФ Юстицияҕа министиэристибэтэ атын омук сабыдыалыгар түбэспит дьон үлэтин-хамнаһын хонтуруоллааһыны күүһүрдэргэ этии киллэрбитэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0