Хаандыга-Мэҥэ Алдан хайысханан Алдан өрүһү туоруур суолу ахсынньы 1 күнүттэн арыйарга былаанныыллар. Эмиэ бу кэмҥэ “Бүлүү” суолугар 4 туоннаҕа диэри ыйааһыннаах тырааныспардар өрүһү туоруулларын көҥүллүүр буолуохтара. Ол курдук, 660 килэмиэтиргэ (Үөһээ Бүлүү), 807 килэмиэтиргэ (Күндээдэ), 956-с килэмиэтир (Устье) уонна 1049-с килэмиэтиргэ (Кириэстээх) баар суолларга.
– Халлаан туругуттан уонна муус төһө чарааһыттан көрөн күннэр болдьохторо кыратык сыҕарыйан биэриэн сөп, – диэн управление бэлиэтиир.
Маннык быыһык кэмҥэ дьон өрүһү сатыы туоруур кэмэлдьилээх. Өрүһү-үрэҕи көҥүлэ суох кэмҥэ туораатахха, административнай эппиэккэ тардыллыахха сөп. Ыстыраап суумата маннык:
– биирдиилээн дьон – 3000 – 5000 солкуобай;
– дуоһунастаах дьон – 20 000 – 50 000 солкуобай;
– тэрилтэлэр, юридическэй сирэйдэр – 100 000 – 1 000 000 солуобай.
СӨ Суолга министиэристибэтин хаартыската.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
