Саха Сиригэр бу өйөбүл харчыны судаарыстыбаттан 41 000 тахса оҕо туһаныа.
Дьиэ кэргэн дохуотуттан көрөн, төлөбүр тииһинэн олоруу алын кээмэйин 50-100% диэри буолуо.
Сайабылыанньаны ыам ыйын 1 күнүттэн Госуслуги портал эбэтэр МФЦ нөҥүө биэриэххэ сөп.
Көмө бигэргэнэр түгэнигэр, дьиэ кэргэн икки ыйдаах босуобуйаны бииргэ тэҥинэн ылыаҕа – муус устар уонна ыам ыйдарын.
2022 сыллаахха ыйдааҕы төлөбүр кээмэйэ маннык буолла:
1 зона - Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Булуҥ, Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Эдьигээн, Муома, Аллараа Халыма, Өймөкөөн, Өлөөн, Орто Халыма, Усуйаана, Эбээн Бытантай оройуоннара, Удачнай куорат, Мииринэй нэһилиэнньэлээх пууннарын кытары:
50% – 11 614 солк. 50 кэп.;
75% – 17 421 солк. 75 кэп;
100% – 23 229 солк.
2 зона - Алдан, Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Нам, Нерюнгри, Ньурба, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Уус Маайа, Хаҥалас, Чурапчы оройуоннара уонна Дьокуускай куорат:
50% – 9 728 солк. 50 кэп.;
75% – 14 592 солк. 75 кэп.;
100% – 19 457 солк.
- 11
- 0
- 2
- 0
- 0
- 0