Өрөспүүбүлүкэ сүрүн үрдүк үөрэҕин кыһатыгар анал пуун арыллыбыта ыйтан орто. Ректор Анатолий Николаев бэлиэтээбитинэн, халыҥ таҥаһы сэргэ, эми-тому эмиэ ылаллар. Маны таһынан, үлэһиттэр харчы кыттыһан эмиэ аҕалаллар.
Онтон бүгүн тиксэриллибит гуманитарнай көмө сотору кэминэн уһук-илиннээҕи байыаннай чаастарга айанныаҕа.
“Бүттүүн бииргэ” уопсастыбаннай хамсааһын бэрэссэдээтэлэ Айыл Дьулурха этэринэн, кинилэр ыстааптара балаҕан ыйын 25 күнүттэн үлэлиир. “Ол кэмтэн биһиэхэ улуустартан, атын куораттартан тэрилтэлэр уонна биирдиилээн ыаллар бэйэлэрин көмөлөрүн аҕалаллар. Владивостокка, Хабаровскайга, Улан Удэҕа, Читаҕа, Уссурийскайга, Еврейскай автономнай уокурукка байыаннай үөрэниилэри ааһа сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар көмө оҥордубут”, - диэн кэпсиир.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0