«80-чалаах эбэлээх-эһэлээх дьиэ кэргэн саамай дьоллоох ыаллар, кинилэр дьиэ кэргэн тутулун бөҕөргөтөллөр, көлүөнэни ситимнииллэр. Саамай сайдыылаах дойдулар олохтоохторо 80 саастарыгар тиийэллэр, биһиги өрөспүүбүлүкэбит ону 2030 с. ситиһиэхтээх. Хамсык дьаҥа турбатаҕа буоллар, дьон олоҕо 78-80 сааска тиийиэ этэ.
Урут 60-ун ааспыт көлүөнэ нэһилиэнньэ 10% ылара, билигин 25% тиийдэ. Итиниэхэ Үһүс саас оскуолалара, урбаанынан дьарыктаныы, олоххор туох эрэ саҥаны саҕалааһын, сайыҥҥы лааҕырдар, кулуупка сылдьан интэриэстэринэн көрөн ииһинэн, ырыанан дьарыктаныы сүрүн тирэх буолар. Аптекаҕа баран ханнык эми атыылаһарбытын буолбакка, бүгүн ханна аралдьыйа барарбытын кэпсэтиэхтээхпит, оһуохайга, тыйаатырга, айылҕаҕа сылдьыахтаахпыт», — диэн кини санаатын үллэһиннэ.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0

