Өрөспүүбүлүкэҕэ 2026 с.бастакы кыбаарталыгар орто хамнас 143 899 солк. тиийдэ эрээри, атыттар (прочие) дэнэр бүддьүөт үлэһиттэрэ алын хамнаска сылдьаллар. 2026с. тохсунньу 1 күнүттэн алын хамнас ааҕыллыыта (дохуоттан нолуок тутулуллуон иннинэ) 1,7 эбиликтээхтэргэ 67 733 солк., 2,0 эбиликтээхтэргэ 75 861 солк. буолбута.
Саха Сиригэр алмаас, ньиэп-гаас үрдүгэр олоробут эрээри, олохтоох нэһилиэнньэ дьадайыытын көрдөрүүтэ үрдүк. Норуот дьокутаата Виктор Федоров ыыппыт пресс-кэмпириэнсийэтигэр олохтоох дьону дьадайыыттан таһааран, дохуоттарын хайдах үрдэтиэххэ сөбүй диэн ыйытыкка бүддьүөт үлэһиттэрин барыларын олохтоох хааһына иитэр-аһатар кыаҕа суох диэн хоруйдаата.
Хаартыска ЯСИА.
-
0
-
0
-
0
-
1
-
2
-
2

