«Абитуриеннар Колл-кииҥҥэ эрийэн, Судаарыстыбаннай өҥө порталыгар баар электроннай ыспыраапка саҥа көрүҥүн, үөрэххэ киирэргэ тугу туттаралларын туһунан ыйыталаһаллар.
Холобур, саамай куонкурустаах Мэдиссиинэ институтугар 1 бүддьүөт миэстэтигэр олус элбэх абитуриент, быһа холоон кырата 100 киһи киирсэр. Үксүн Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин, улуус балыыһаларын кытта тус сыаллаах дуогабардаах дьон кэлэллэр, кинилэр үөрэхтэрэ төлөнөр, онтон үөрэхтэрин бүтэрдэхтэринэ 3 сыл үлэлиэхтээхтэр.
Иккис миэстэҕэ юридическай бакылтыат турар, юрист идэтигэр үөрэнэргэ миэстэ улахан аҥаара төлөбүрдээх, 20 киһилээх биир бөлөххө 2-3 эрэ бүддьүөт миэстэтэ баар. СВОШ оскуола оҕолорун олимпиадатын призердара анал тургутуга суох бүддьүөт миэстэтигэр киирэллэр. БКЭ баала холбоон 200 баалы куоһардаҕына үөрэх төлөбүрэ кыччыыр, ону таһынан, кэккэ чэпчэтиилэр бааллар, холобур, Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоро куонкуруһа суох туһунан кубуотунан киирэллэр эрээри, бэйэлэрин икки ардыларыгар эмиэ күрэстэһэллэр.
Үһүс миэстэҕэ Үп-экэниэмикэ үнүстүүтэ, элбэх киһи ыйыталаһар, бу хайысханан үөрэххэ киириэн баҕарар», — диэн Надежда Кардашевская, ХИФУ тутар хамыыһыйатын колл-киинин үлэһитэ билиһиннэрдэ.
Идэни таба талыы киһи олоҕун, хамнаһын, инники карьератын барытын быһаарар. Хамнас кыра диэн тэрилтэ аайы түҥ-таҥ сүүрэкэлээбэт, үлэҕин хос-хос уларыппат туһугар ханна үлэлии барыаххын баҕараргын сөпкө талыаххын наада. Оччоҕуна киһи олоҕор табыллар, үлэтэ ситиһиилээх, олоҕо уйгулаах буолар. Ол эрэн аҥаардастыы хамнастаах эрэ идэни батыһан баран сөбүлээбэт үлэҕэр үлэлиир эмиэ уустук. Онон сүрэҕиҥ баҕатын уонна хамнаһыҥ кээмэйин тэҥҥэ дьүөрэлиир көдьүүстээх.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0

