Бастакы күн мунньах саҕаланыытыгар Алена Федорованы Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ааҕар-суоттуур балаататын бэрэссэдээтэлин, ону тэҥэ Юрий Анисимовы Усуйаанатааҕы мөрөбүөй судьуйа солотугар бигэргэтии ыытылынна.
Балаата бэрэссэдээтэлин дуоһунаһыгар кандидатураны парламент көрүүтүгэр Ил Дархан киллэрбитэ. Бигэргэтии кэмигэр норуот дьокутааттара Гаврил Парахин, Владимир Федоров Алена Федороваҕа туһаайан парламент профильнай кэмитиэттэрин кытта үлэни күүһүрдэргэ, бэрэбиэркэлэри ыытыыга профессиональнай үөрэхтээх, таһымнаах, бэйэлэрин салааларын үчүгэйдик билэр испэсэлиистэри тардарга, хонтуруолу муҥутуур көдьүүстээх таһымҥа таһаарарга этии киллэрдилэр. Ордук улахан болҕомтону энэргиэтикэнэн, уунан хааччыйар стратегическай тэрилтэлэргэ ууран, сөптөөх бэрэбиэркэлэри ыытар наадалаах диэтилэр. Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков Алена Федорованы бу солоҕо ананарын өйүүрүн биллэрдэ уонна инникитин балаата ырытыыны, анаалыстаһыны кыайа тутарыгар сүбэлээтэ. Ол курдук тыырыллыбыт, көрүллүбүт үп хайдах туһаныллыбытын хонтуруоллаһыны эрэ буолбакка, бэрэбиэркэни ыытыы кэнниттэн бу үп бэриллибитэ төһө сөптөөҕүн, сөбө суоҕун быһаарар ырытыылары, түмүктэри оҥорор, таһаарар наадатын этэн, эппиэттээх үлэтигэр, иккис болдьоҕор ситиһиилэри баҕарда.
Норуот дьокутааттара кистэлэҥ куоластааһын түмүгүнэн бу икки кандидатураны бигэргэттилэр.
Бүддьүөт эрэли саҕар
Салгыы пленарнай мунньах бэбиэскэтин сүрүн боппуруоһа - Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027 сыллааҕы судаарыстыбаннай бүддьүөтүн уонна 2028-2029 сыллардааҕы былааннаммыт бүддьүөтү иккис ааҕыы ыытылынна.
Кэлиҥҥи кэмҥэ парламент өрөспүүбүлүкэ үүнэр сыллааҕы бүддьүөтүн ылыныыта бэрт уустук балаһыанньаҕа, үгүс ымыктардаах-чымпыктардаах ыытыллар. Ол биричиинэтэ эмиэ өйдөнөр, дойду экэниэмикэтэ сааҥсыйалар кэмнэригэр уонна Анал байыаннай дьайыы бара турарынан судургута суох тургутуулары ааһар, аан дойдуга саҥа сыһыаннары олохтооһуҥҥа дьулуһар. Ону тэҥэ экэниэмикэни тутан турар бырамыысыланнас, оҥорон таһаарыы салааларын, дохуоту киллэрэр хайысхалары салгыы сайыннарарга соруктаах үлэни ыытар.
Биллэрин курдук, өрөспүүбүлүкэ кэлэр сылларга бүддьүөтүн бастакы ааҕыы алтынньы 21-22 күннэригэр Ил Түмэн XX уочараттаах пленарнай мунньаҕар барбыта. Онно норуот дьокутааттарыгар «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027 сылга уонна былааннанар 2028, 2029 сылларга судаарыстыбаннай бүддьүөтүн туһунан» диэн 445-7 №-дээх сокуон барылынан сүрүн иһитиннэриини үп миниистирин э.т. Иван Алексеев оҥорбута.Кини сүрүн болҕомто нассынаалынай соруктары олоххо киллэриигэ, социальнай эбэһээтэлистибэлэри толорууга, Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйөөһүҥҥэ уурулларын бэлиэтээбитэ.
Бастакы ааҕыыга бүддьүөт үгүс пууннара чуолкайдана илик, чопчу сыыппаралара биллибэт буолан, норуот дьокутааттара мунаарбыттара, үгүс чопчулуур ыйытыылары биэрбиттэрэ. Онон ыйытыы-этии чааһыгар 21 дьокутаат кыттыбыта. Бастакы ааҕыы түмүгүнэн Алексей Еремеев дьокутааттар этиилэрэ парламент бүддьүөккэ, үпкэ, түһээн уонна сыана бэлиитикэтигэр, бас билии уонна приватизация боппуруостарыгар сис кэмитиэтэ бэлэмнээбит уурааҕар киирэ сылдьарын санаппыта. Онон этиилэргит салгыҥҥа ыйаныахтара суоҕа, сокуон барылыгар уураах быһыытынан бигэргэнэн, иккис ааҕыыга хайаан да учуотаныахтара диэн эппитэ.
Кырдьыга да ол кэннэ, биир ый устатыгар олус улахан кээмэйдээх үлэ ыытылынна. Сис кэмитиэттэр күннэтэ, өрөбүлү кытта аахсыбакка киэҥ ыҥырыылаах мунньахтары тэрийэн, сөбүлэһии хамыыһыйаларыгар үгүс дьүүллэһиини ыытан кэллилэр. Онно бырабыыталыстыба салалтата, бэрэстэбиитэллэрэ быһаччы үлэлэһэн, бүддьүөт бары пууннарынан улахан илдьиритиини ыытан, иккис ааҕыыга бары өрүттэр ылынаруонна кылаабынайа тэҥнэнэллибит бүддьүөтү киллэрбиттэрин бэлиэтиэххэ наада. Онуоха федеральнай киини , Судаарыстыбаннай Дууманы кытта хардарыта ситимнээх үлэ ыытыллыбыта, кэпсэтии тэриллибитэ улахан оруолу ылбыта саарбаҕа суох.
Ол түмүгэр иккис ааҕыыга Ил Түмэн бүддьүөккэ, үпкэ, түһээн уонна сыана бэлиитикэтигэр, бас билии уонна приватизация боппуруостарыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Юрий Николаев чопчуламмыт, бары өттүнэн нырыламмыт бүддьүөтү билиһиннэрэригэр сокуон бырайыагын оҥорууга туох үлэ ыытыллыбытын билиһинэрдэ уонна сүрүн тосхоллорго тохтоото.
Ол курдук, 2027 сылга өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүн дохуоттаах чааһа 372,4 млрд, ороскуоттаах чааһа 375,1 млрд, дэписиитэ 2,7 млрд солк. чуолкайданна. Оттон 2028 сылга дохуот 375,8 млрд, ороскуот 378,8 млрд. солк., дэписиит 3,06 млрд солк тиийэрэ торумнанна. Салгыы 2029 сылга дохуот 337,2 млрд, ороскуот 340,2 млрд, оттон дэписиит 3,03 млрд солк быһылынна. Санатар буоллаахха,бүддьүөтү нырылааһын кэмигэр, биир ый устатыгар норуот дьокутааттара бүдьүөт барылыгар 600 көннөрүүлэри киллэрбиттэрэ.
Онон иккис ааҕыыга бүддьүөтү дьүүллэһиини ол көннөрүүлэринэн таҥыллыбыт 5 табылыыссанан ыыттылар. Ол курдук ,норуот дьокутааттара Ньургуйаана Заморщикова, Василий Николаев, Алексей Корнилов, Татьяна Тымырова сокуон бырылын 1,7,12, 15, 25 нүөмэрдээх уо.д.а. пууннарынан ыйытыылары биэрдилэр, этиилэри киллэрилэр. Холобурдаан билиһиннэрдэххэ, авиабилиэттэри субсидиялааһын, ол иһигэр хотугу улуустарга көтүүнү, муниципалитеттар икки ардыларынааҕы оптуобустар сырыыларын; аччыгый уонна орто урбааны нолуоктааһын өттүнэн өйөбүлү оҥоруу; тыа сирин бэкээрилэрин өйөөһүн уонна тулаайах оҕолору олорор дьиэнэн хааччыйыы чааһынан. Бу боппуруостарынан хас биирдиилэринэн дьүүллэһии баран, миниистирдэр чуолкайдааһыннарын кэнниттэн ылынар эбэтэр тохтотор туһунан куоластааһын ыытыллыбытын бэлиэтиир оруннаах.
Бүддьүөтү көрүүнү тэҥэ дьокутааттар өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар 2027 сылга эбии үбүлээһини ханнык сүрүн хайысхаларынан оҥорорго киллэрбит этиилэринэн анал уураах ылыннылар . Ол курдук, 2027 сыл тохсунньу 1 күнүттэн бүддьүөт эйгэтин сорох араҥатын үлэһиттэрин хамнаһын 6,5 % үрдэтиигэ, тулаайах оҕолору олорор дьиэнэн хааччыйыыга, үлэ бэтэрээннэригэр уонна кыраасданнар сорох араҥаларыгар социальнай төлөбүрдэри оҥорууга, элбэх оҕолоох ыал сир учаастактарыгар инсэниэринэй инфраструктураны сайыннарыыга туһуламмыт этиилэрэ киирдилэр.
Ордук ураты болҕомто тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүҥҥэ, пассажирдары таһыыны үбүлээһиҥҥэ, оскуола иннинээҕи уонна уопсай босхо үөрэхтээһини судаарыстыба өттүттэн мэктиэлээһини олохтооһуҥҥа уурулунна.
Бүддьүөтү көннөрүү улаатыы өттүнэн
Пленарнай мунньахха СӨ Ил Дархана Айсен Николаев бүддьүөт ылынныллыбытын кэннэ: «Бүддьүөт эбии дохуоттара өрөспүүбүлүкэҕэ суолталаах боппуруостары быһаарар кыаҕы биэриэхтэрэ», - диэн эрэгийиэн салайааччыта, парламент уонна бырабыыталыстыба салгыы бииргэ үлэлиир сүрүн хайысхаларын ыйда, ону тэҥэ быйылгы сыллааҕы бүддьүөтү көннөрүү туһунан иһитиннэрдэ. Бүддьүөт дохуотун чааһын улаатыннарар кыах кэлиҥҥи сылларга Саха Сирин экэниэмикэтин диверсификациялааһын түмүгэ буолар диэтэ.
Айсен Сергеевич Судаарыстыбаннай Дуума дьокутааттарын, бастатан туран Галина Данчикова үлэтин ордук чорботон бэлиэтээтэ. Кини көмөтүнэн өрөспүүбүлүкэ федеральнай дотациялар кээмэйдэрин оннунан хаалларарын таһынан, биллэрдик улаатыннарар кыахтанна. Бүддьүөт федеральнай таһымтан көрүллэр суумата бастакытын 80 млрд солкуобайтан таҕыста.
Кэлэр үс сыллаах бүддьүөт уратыларын туһунан этэригэр Айсен Николаев хамнаска, хомунаалынай өҥөлөргө уонна хомунаалынай комплексы субсидиялааһыҥҥа үп толору кээмэйинэн көрүллүбүтүн тоһоҕолоон:« Билигин биһиги бииргэ үлэлиирбит түмүгэр эбии үп-харчы көһүннэҕинэ, ол Ил Түмэн уурааҕар киирбит быһаарыылары толорууга ыытыллыаҕа. Мин ону болҕойон көрдүм, онно баар пууннар үксүлэрин кытта сөбүлэһэбин», — диэн бэлиэтээтэ. Кини дьиэ кэргэн бэлиитикэтин, тыа хаһаайыстыбатын уонна олохтоох оҥорон таһаарыыны өйөөһүнү, ону сэргэ хомунаалынай комплекс тэрилтэлэрин 2023, 2024 уонна 2025 сылларга мунньуллубут иэстэрин сабыыны ааттаата.
Ил Дархан 2026 сыл бүддьүөтүн дохуоттаах чааһын 17 млрд солкуобайынан улаатыннарыы түмүгэр, 2026 сыллааҕы судаарыстыбаннай бүддьүөккэ киириэхтээх көннөрүүлэргэ туспа болҕомтону ууран: «Биһиги 2024 сылтан, икки аҥаар сыл иһигэр бастакытын бүддьүөтү улаатыннарабыт, улаатыннарыы диэки көннөрүүлэри киллэрэбит. Бүддьүөт дохуотун чааһын улаатыннарар кыах кэлиҥҥи сылларга экэниэмикэни диверсификациялааһын түмүгэ буолар. Бу олус үчүгэй, улахан ситиһии», — диэтэ..
Өрөспүүбүлүкэ баһылыга бэлиэтээбитинэн, аан дойдуга алмаас сырьета муҥутуур кыра сыаналаах уонна солкуобай бөҕөргөөбүт кэмигэр «АЛРОСА» атыылааһын былаанын толорбутун үрдүнэн, үбү-харчыны толору ылбакка олорор. Бу өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүгэр киирэр нолуок уонна нолуога суох дохуоттар кээмэйдэригэр, ол иһигэр дивиденнэргэ дьайар.
Ол эрээри алмаас хостуур бырамыысыланнастан киирэр үп аҕыйааһынын экэниэмикэ атын салааларын үлэлэрин түмүгүн суотугар толуйар кыаллынна диир. «Чуолаан көмүс хостуур, ньиэп салааларын үчүгэй үлэлэрин суотугар биһиги бүгүн бүддьүөтү көннөрөр кыахтанныбыт. Биһиэхэ нолуок уонна нолуога суох дохуоттар быһа барыллаан 17 миллиард солкуобайынан улаатыахтара», — диэн Айсен Николаев иһитиннэрдэ.
Эбии үп быйылгы сылга хомунаалынай комплексы субсидиялааһыны толору кээмэйинэн хааччыйарга, ону тэҥэ Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын, ол иһигэр дойдуларыгар эргиллибиттэри өйүүргэ саппаас пуонданы хаҥатар боппуруостары быһаарарга кыаҕы биэриэҕэ.
Ил Дархан норуот дьокутааттарын судаарыстыбаннай бүддьүөккэ киирэр уларытыылары өйүүллэригэр ыҥырда, оттон парламент тустаах кэмитиэтиттэн наадалаах докумуоннар киирдэхтэринэ сокуон барылын суһаллык көрөрүгэр көрдөстө уонна сокуону оҥорор уонна толорор былаастар салгыы көдьүүстээхтик бииргэ үлэлииллэригэр эрэлин биллэрдэ. «2027 сылга Саха сирин Бырамыысыланнаһа, экэниэмикэтэ быйылгы сыллааҕар итэҕэһэ суох, өссө ордук үлэлиэ диэн эрэниэҕиҥ», — диэн өрөспүүбүлүкэ баһылыга түмүктээтэ.
Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев пленарнай мунньах бастакы күннээҕи үлэтин түмүктүүрүгэр норуот дьокутааттарын өрөспүүбүлүкэ үпкэ-харчыга кылаабынай докумуонун ылыммыттарынан эҕэрдэлээтэ уонна норуот дьокутааттарыгар, сис кэмитиэттэргэ, бырабыыталастыбаҕа көдьүүстээх уонна дьыалабыай бииргэ үлэлээһини тэрийбиттэригэр махталын биллэрдэ.
Алексей МАТВЕЕВ
Хаартыскаҕа Василий Кононов (Ил Түмэн) түһэриитэ
-
1
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0



