Миниистири солбуйааччы тыа хаһаайыстыбатын улуустааҕы упавлениетын начаалынньыга Павел Иннокентьев арыаллааһынынан, бастакынан Лөкөчөөн нэһилиэгэр Афанасий Харлампьев салайар «Тускул» бааһынай хаһаайыстыбатыгар сырытта. «Тускул» былырыын тутан киллэрбит комплексыгар 130 сүөһүнү кыстатан турар. Хаһаайыстыба 2003 сылтан үлэлэтэр «Туйгун-ас» сыаҕар күҥҥэ 350 лиитэрэ үүтү астыыр. Үрүҥ ас арааһын сыырга тиийэ оҥорон, улуус маҕаһыынарынан уонна Дьокуускайга аҕалан батарар.
Дьөккөн нэһилиэгэр Сидор Ионов салайар бааһынай хаһаайыстыбата эмиэ итинник тэринэн үлэлиир-хамсыыр. Сүөһүттэн ылар бородууксуйатын бэйэтэ астыыр, үрүҥ аһы таһынан эккэ үлэлир, эт кэнсиэрбэтин оҥорор, ыраас ууну кутар уонна мүөттээх ыҥырыаны иитэр. 2023 сыллаахха агротуризм гранын ылан, саҥа сүүрээни сайыннарар, оҕолорго уонна ыччаттарга тыа сирин, тыа хаһаайыстыбатын үлэтин-хамнаһын сырдатар үлэни ыытар. Бу туһунан Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин пресс-киинэ иһитиннэрэр.
Хаартыска: Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин МАХ ханаалыттан.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0

