Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 13 oC

Балаҕан ыйын 14 күнэ - Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон төрөөбүтэ 116 сыла

ЫТЫК КИҺИ КЭС ТЫЛА

Балаҕан ыйын 14 күнэ - Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон төрөөбүтэ 116 сыла

ЫТЫК КИҺИ КЭС ТЫЛА

❇️ Бар дьоҥҥо, норуокка өҥө - ол буолар дьиҥнээх баай.

❇️ Дьонноох киһи кута-сүрэ хаһан да мөлтөөбөт, тостубат, мэлдьи чөллөөх, күүстээх буолар.

❇️ Дьон сыһыаныгар саамай суолталаах - сүрэх. Киһини сүрэххитинэн билэргэ кыһаныҥ. Кини сүрэҕин санаатын сүрэххитинэн өйдөөҥ. Саха киһитин сүрэҕэ кыымнаах, уоттаах. Ону өрүү күөдьүтэ сылдьыҥ.

❇️ Үчүгэйтэн үөрбүт киһи сирэйин курдугу өрүү өйдөөбөппүн. Саха үөрүнньэҥ омук. Үөрүү киһини үрдэтэр.

❇️ Улахан талаан, улахан кутаа курдук, хараҥаны хайа тыырыыта күүстээх буолуохтаах.

❇️ Духуобунай баай уһун үйэлээх буолуохтаах. Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн муҥура суох хаҥыы, байа, сайда турар.

❇️ Ыырбытыттан тахсар ыллыкпыт ыраас, көнө, дьылҕабытыгар дабайар аартыкпыт киэҥ, сирдиир орой сулустаах, сырдык күннээх буоларыгар эрэнэммин сүрэҕим-быарым холку, өйүм-санаам дьэҥкэ.

❇️ Киһи норуотугар туһата үйэ уһунунан буолбакка, үлэ үйэлээҕинэн кэмнэнэр-кээмэйдэнэр.

❇️ Норуот сүрэҕэр кэриэс буолан хаалыы - бу саамай уһунтан уһун, өлбөт үйэ буолуохтаах.

❇️ Мин эт бэйэм өлбүтүм иннигэр, айымньы бэйэм ыччаттарбын кытта ыксалаһар буолуом: чороон айах буолан уураһыам, эбир хамыйах буолан эҕэрдэлиэм, үтүө алгыс буоламмын үрдүккэ ыҥырыам, кэрэмэс симэх буоламмын кэрэҕэ угуйуом: киһи диэн кэрэттэн-кэрэ буолар кэскиллээҕин кэпсии туруом.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением