Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 27 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | 96,25

Ааспыт нэдиэлэ устата Сахабыт Сирин 10 олохтооҕо түөкүттэртэн эмсэҕэлээтэ. Уопсай хоромньу суумата 7 мөл. 398 тыһ. 950 солкуобайга тэҥнэстэ.

Ааспыт нэдиэлэ устата Сахабыт Сирин 10 олохтооҕо түөкүттэртэн эмсэҕэлээтэ. Уопсай хоромньу суумата 7 мөл. 398 тыһ. 950 солкуобайга тэҥнэстэ.

Ол курдук интэриниэт ситиминэн харчы өлөрөөрү үлэтэ суох киһи 175 тыһ. солкуобайыттан маппыт.

ФСБ, Росфинмониторинг сымыйа сотрудниктарын кытары кэпсэтии түмүгэр икки устудьуон, билим үлэһитэ, тэрийэр-үөрэтэр отдел начаалынньыга холбоон 2,4  мөл.солкуобайга эмсэҕэлээбиттэр.

Киин куорат 5 олохтооҕо чэпчэки сыанаҕа хамсаабат баайы-дуолу атыылаһар угаайыга киирэн биэрэн 4,8 мөл. солкуобайдарыттан маппыттар.

Сонун төрдө уонна хаартыска: СӨ борокуратуурата

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0