Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -35 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

2027 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Уһук Илиҥҥэ уонна Аартыкаҕа сайдыы саҥа кэрдииһэ саҕаланыаҕа, диэтэ премьер-миниистир Михаил Мишустин. Бырабыыталыстыба сэрэдэҕэ макрорегионҥа биир кэлим инники сайдыылаах территорияны (ТОР) тэрийэр туһунан сокуон барылларын бакыатын бэлэмнээн уонна көрөн баран ылынна.

2027 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Уһук Илиҥҥэ уонна Аартыкаҕа сайдыы саҥа кэрдииһэ саҕаланыаҕа, диэтэ премьер-миниистир Михаил Мишустин. Бырабыыталыстыба сэрэдэҕэ макрорегионҥа биир кэлим инники сайдыылаах территорияны (ТОР) тэрийэр туһунан сокуон барылларын бакыатын бэлэмнээн уонна көрөн баран ылынна.

Михаил Мишустин: "Арассыыйа Уһук Илинигэр уонна Аартыкатыгар уопсай чэпчэтиилээх эрэсиими уруккуга суох улахан кээмэйинэн уонна хабар иэнинэн саҕалыахпыт", — диэн миниистирдэр кэбиниэттэрин мунньаҕын арыйарыгар бэлиэтээтэ.

Биир кэлим инники сайдыылаах территория -- судаарыстыба чааһынай үбүлээһини саҥа бырайыактарга өйүүрүн биир кэлим быраап мэхэньиисимэ буолуоҕа. "Бу ньыма чэпчэтиилэри туһаныы уонунан сыллаах уопутун учуоттуур, ону тэҥэ урбааҥҥа утумнаах, сабаҕаланар салайыыны уонна уһун болдьохтоох быраап эрэсиимин хааччыйыаҕа", — диэтэ Мишустин.

Кини этиитинэн, бу ордук улахан үбү эрэйэр, уһун инвестициялаах цикллаах бырайыактарга улахан суолталаах. Кини эппиэттээх министиэристибэлэртэн уонна биэдэмистибэлэртэн Уһук Илин уонна Аартыка иһинэн саҥа мэхэньиисими көдьүүстээхтик олоххо киллэрэргэ ирдэнэр нуорма-быраап аакталарын кэмигэр бэлэмнииллэригэр көрдөстө.

Биир кэлим инники сайдыылаах территория 2100 сыл бүтүөр диэри үлэлиирэ былааннанар. "Биһиги саҥа эрэсиимҥэ интэриэстээх үгүс инвестордары кытта үлэни ыытабыт уонна биир кэлим  ТОР үлэтэ саҕаламмытынан сибээстээн саҥа сылтан инвестиция актыыбынаһа үрдүө диэн эрэнэбит", — диэн Уһук Илин сайдыытын миниистирэ Алексей Чекунков иһитиннэрдэ.

Сонун төрдө уонна хааартыска: "Российская газета". 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0