2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн хамнас алын кээмэйэ 18% үрдүөҕэ диэтэ дойду баһылыга. Маны сэргэ быстах үлэлээбэт буолуу босуобуйата улаатыаҕа, маннык дьаһал ийэ буолууга эмиэ көрүллэр.
«Судаарыстыбаннай иэс 46-тан 32 млрд дуолларга диэри кыччаата. Чааһынай хампаанньалар эмиэ иэстэн босхолонон, иэстэн төлөрүйүү тэтимнээхтик барарар. Биһиги экэниэмикэбит бары салааҕа туруктаах таһымҥа туталлар. 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн хамнас алын кээмэйэ тута 18% үрдүөҕэ», — диэн эттэ Владимир Путин.
Санатан эттэххэ, 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн хамнас алын кээмэйэ 19 242 солк буолар. Маны сэргэ быстах үлэлээбэт буолуу босуобуйата улаатыаҕа, маннык дьаһал ийэ буолууга эмиэ көрүллэр. Бу «больничнайы» ааҕыыга биллиэҕэ. Тохсунньу 1 күнүттэн МРОТ 3000 солк эбиллэр, ол эбэтэр 19242 солк буолар.
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0