-- Билиҥҥи туругунан Уус Алдаҥҥа 3 улахан баһаар бэлиэтэнэр – Түүлээх, Бээрийэ уонна Баатаҕай сэлиэнньэлэрин таһыгар. Түүлээххэ билиҥҥитэ 151 киһи уонна 25 тиэхиньикэ уоту кытта охсуһар. Бээрийэҕэ – 35 киһи уонна 7 тиэхиньикэ. Баатаҕайга -- 63 киһи уонна 15 тиэхиньикэ. Баатаҕай таһыгар умайбыт ойуур баһаара улаатан, Нам улууһугар тиийбитэ. Улууспутугар турбут баһаардар кутталы үөкэтэллэр, улаата тураллар. Нэһилиэктэргэ киирэр кутталлаахтар. Бээрийэ таһыгар турбут баһаары тыал күөдьүтэн, нэһилиэккэ 1 км. чугаһаата. Биһиги утары уот ыытаммыт, аны Тиит Арыы диэки салайда. Баатаҕай таһыгар турбут баһаар Нам улууһугар тиийэн, Фрунзе уонна Көбөкөн сэлиэнньэлэригэр кутталы үөскэтэллэр. Уустук балаһыанньа Түүлээххэ бэлиэтэнэр. Манна баһаар 150-200 миэтэрэ чугаһаата. Бэҕэһээ, бүгүн Ми-8 бөртөлүөттэр үлэлииллэр. Бэҕэһээ бөртөлүөт иккитэ ууну куппута.
Үрдүк күүрүүлээх уот ситимин уоттан быыһыыллар. Вездеходунан сылдьан кэтииллэр. Маны таһынан Бээрийэ-Түүлээх суолугар баар үрэх муостатын уоттан быһаатылар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0