Ол курдук, бэс ыйын 8 күнүгэр дьоҕус уонна орто урбаан сайдыытын федеральнай сокуонугар (209-ФС) көннөрүүлэр киирбиттэр. Онон бэйэ дьарыктаах гражданнарга урбаанньыктарга курдук федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи бырагыраамаларынан көмөлөр оҥоһуллар буолбуттар. Холобур, субсидия, хамсаабат баай-дуол, сүбэ-ама уонна үөрэхтээһин хайысхаларынан өйөбүллэргэ хапсар кыахтаммыттар.
Бүтэһик дааннайынан, РФ үрдүнэн 850 тыһ. кэриҥэ бэйэ дьарыктаах регистрацияламмыт. Бу дьон киллэрэр уопсай дохуоттара 110 млрд солк тэҥнэһэр. Балар үксүлэрэ ИП-та суох биирдиилээн дьоннор уонна профессиональнай дохуоттарыттан нолуок төлөөччүлэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0