Бүгүн балаһыанньа хайдаҕын Абый улууһун баһылыга Станислав Цюхцинскайтан ыйыталаспыппытыгар: «Сутуруохаҕа баһаар уота суоһуура тохтотулунна. Баһаар атаҕа ыкса чугаһыы сылдьыбытын олохтоохтор биригээдэ тэринэн тахсан нэһилиэккэ чугаһаппатылар. Билигин уот атын хайысханы тутуһан, Уһун Күөл уҥуор ыраах умайар. Эргиччи күөллэрдээх, үрэхтэрдээх сиргэ баар буолан, бэйэтэ дьаалытынан этэҥҥэ умуллуоҕа. Уопсайынан, бүгүҥҥү күҥҥэ Абый улууһун үрдүнэн 13 ойуур баһаара баар. Балар бары хайалаах, нэһилиэнньэлээх пууннартан адьас ыраах умайаллар», - диэн кэпсээтэ.
Бэс ыйын 26 күнүнээҕи туругунан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 126 ойуур баһаара баара бэлиэтэммит. Итинтэн 13 баһаары 11 улууска умуруоруу күүскэ ыытыллар. Бу күннэргэ Үөһээ Халыма, Томпо уонна Уус Маайа улуустарыгар ойуур баһаардара умуруоруллубуттар. Нэһилиэнньэлээх пууннартан лаппа тэйиччи 113 ойуур баһаара баара биллэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0