-- Ис дьиҥэр балаһыанньа оннук иэдээннээх буолбатах. Мин урут да, билигин да этэбин: Амма сүнньүнэн ойууру оннук айылаах бырамыысыланнай “масштабынан” кэрдиэ суохтара. Буолаары буолан, ураты харыстанар сирдэргэ. Ону хонтуруоллуохпут.
Урут сэбиэскэй кэмҥэ Саха сирэ сыллата 5,5 мөл. куб миэтэрэ маһы бэлэмниирэ. Билигин оттук маһы ааҕан туран, баара-суоҕа 1 мөл. куб. миэтэрэҕэ тиийбэти соҕотуопкалыыр. Ол түмүгэр үйэттэн уһун кэм үүммүт мастар кууран-хатан, куруҥ буоллулар, онон баһаар тахсыыта элбээтэ. Оттон Иркутскайдааҕы хампаанньалар тустарынан этэр буоллахха, биирэ Алдаҥҥа үлэлиэхтээх. Иккиһэ букатын да тугу да биллэрэ илик. Онон улахан аймалҕаны таһаарар оруна суох. Ити кэриэтэ Амма дьонун олоҕун тупсарыы туһунан боппуруоһу көтөҕөордук, -- диир аҕа баһылыкпыт.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0