Тэрилтэ видео-камералара биэс нэһилиэнньэлээх пууҥҥа тураллар – Ленскэйгэ, Өлүөхүмэҕэ, Покровскайга, Бэстээххэ уонна Сангаарга.
Камералар Өлүөнэ өрүс кытылларын саамай үөһэ чыпчаалларыгар ыйанан тураллар. Онон өрүһү киэҥ сиринэн хабан көрдөрөллөр.
Урутаан билгэлээһининэн, Өлүөнэ эбэ мууһа Ленскэйгэ уонна Өлүөхүмэҕэ ыам ыйын 9-14 күннэригэр хамсыыра сабаҕаланар. Видео-кэтэбил көмөтүнэн уу таһымын манаан олоруохха сөп. Ону сэргэ, халаан кэмигэр суһал дьаһаллары ылынарга табыгастаах.
Билигин Өлүөнэ өрүһү https://www.tctr.ru/dvizhenie-ledokhoda диэн сыылканан киирэн төлөпүөнүнэн эбэтэр көмпүүтэринэн быһа холбонон көрүөххүтүн сөп.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0