Дьэдьэни от ыйын 10 күнүттэн Аммаҕа, Тааттаҕа, Уус Алдаҥҥа уонна Намҥа хомуйар көҥүллэнэр. Икки күнүнэн хойутаан Чурапчы, Сунтаар уонна Хаҥалас улуустарыгар дьэдьэнниэххэ сөп. От ыйын 20 күнүттэн сугуннуур көҥүллэнэр.
Моонньоҕон хоту улуустарга атырдьах ыйын 5 күнүттэн ситэр. Бүлүү улуустарыгар атырдьах ыйын ортотуттан хомуйар көҥүллэнэр.
Отону атырдьах ыйын 20 күнүттэн хомуйуохха сөп.
Ыт тиҥилэҕин Бүлүү улуустарыгар от ыйын 18-20 күннэриттэн хомуйар көҥүллэнэр.
Кедр эриэхэтэ атырдьах ыйын 25 күнүттэн, сорох улуустарга балаҕан ыйын 1 күнүттэн ситэр. Ол кэннэ эрэ хомуйуохха сөп.
Тэллэйгэ болдьоҕунан хааччахтааһын суох. Ол гынан баран, тэллэйи төрдүттэн быһан уонна силиһин алдьаппакка ылар ирдэниллэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0