“Бу бэлиэ таас оннугар, Южно-Якутская уулуссаҕа, быйыл 100 уонна 40 кыбартыыралаах икки саҥа таас дьиэ тутуллуоҕа. Онон 140 ыал саҥа кыбартыыралар күлүүстэрин тутуохтара”, – диэн Айсен Николаев эттэ.
Уопсайа бу кэлэр сылларга Нерюнгри улууһугар 186 элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутуллара былааннанар. Ити сыалга, 2025 сылга диэри, 5,5 млрд солк көрүллүбүт.
– Бэҕэһээ дойдубут бэрисидьиэнэ Владимир Путин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук сайдыытыгар туһуламмыт миэрэлэргэ илии баттаата. Онно бу кэлэр сылларга эрэгийиэннэргэ хаарбах дьиэ ахсаана биллэ аччыахтаах диэн туспа дьаһал киирбит. Онон бырагыраама үлэтэ өссө түргэтиир чинчилээх, – диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0