Кирэдьииккэ илии баттаһыы үөрүүлээх тэрээһинигэр “Ростех” судаарыстыбаннай корпорация генеральнай дириэктэрэ Сергей Чемезов уонна бу тутууну бырайыактыыр “ВИС” хампаанньалар бөлөхтөрүн сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Игорь Снегуров кыттыыны ыллылар.
Бырайыак докумуонун экспертиза көрөн үөрэтэн баран, тутуу уопсай сууматын 83 млрд cолкуобайга сыаналаата. Сбербаан 25 млрд солкуобайы 10 сылга иэс биэриэҕэ. Бу ыйтан номнуо үбүлээн саҕалыа.
Үс пирамидалыы башнялаах ыйанан турар муоста уһуна 3,2 км буолар. Күргэҕэ тиксэр суолу Кырдьаҕас Табаҕа хаҥас биэрэгэр оҥоруохтара.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0