Быйыл от ыйын түмүгүнэн 9 тыһыычаттан тахса киһини бырагырааманан саҥа дьиэҕэ көһөрбүттэр.
«2021 сыл бүтүөр диэри элбэх кыбартыыралаах 60 дьиэни үлэҕэ киллэрэргэ былаанныыбыт, онно 1,93 кыбартыыраны ыллыбыт. Билиҥҥи туругунан элбэх кыбартыыралаах 7 дьиэ үлэҕэ киирдэ, онно 173 кыбартыыраны ыллыбыт», -- диэн министиэристибэҕэ иһитиннэрбиттэр.
От ыйын түмүгүнэн хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн 9,2 тыһ. киһи көһөрүллүбүт, былаан 51 бырыһыана туолбут. Былаан быһыытынан 2021 сылга 18,13 тыһ. киһи көһөрүллүөхтээх. Эрэгэйиэҥҥэ 2025 сылга диэри уопсайа 1 мөл. кв. миэтэрэлээх хаарбах туруктаах дьиэттэн дьону көһөрөргө былаан турар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0