«Амгинский” хаһаайыстыба бурдугун үүнүүтэ төһө да кураан турдар быйыл куһаҕана суох диэн бэлиэтэнэр. Покровка нэһилиэгэр от үлэтэ эмиэ күүскэ барар. От ыйын 20 күнүн дааннайдарынан, Амма улууһун үрдүнэн оттооһун 1531 тонна буолла, былаантан 5% оттонно. Улуус үрдүнэн 31152 тонна от бэлэмнэниэхтээх.
Баһылык Николай Архипов: «Ардах бэс ыйыгар түспэтэҕэ окко, бурдукка охсуута улахан. Хаһаайыстыба үлэһиттэрэ ардах саатар кыратык түһэрэ буоллар, бурдук эбиллиэ этэ диэн этэллэр. Санаабыт куустээх, быйылгы үүнүү үчүгэй буолуо диэн эрэнэбит».
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0