Бөтүрүөп куйааһа сатыылаан, этиҥнээх ардахтар бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн түһэллэр. Бөлүүн балаһа тыаллаах, этиҥнээх ардах Ньурба улууһун Дьиикимдэ нэһилиэгэр улахан хоромньуну таһаарда. Ол курдук боруобат кылгас тиксиһиитигэр барыта холбоон 11 сүөһү оҕустаран өллө. Манна биир ыал 3 төбөтө, биир ыал 2 төбөтө уонна биирдиилээн ыалтан сүөһүлэр эмсэҕэлээтилэр.

Билиҥҥи туругунан аакта оҥоһулла сылдьар, ПАО “Якутскэнерго” Ньурбатааҕы РЭС-кэ компенсация төлөтөргө сайабылыанньа сурулунна. Бу күүтүллүбэтэх түгэҥҥэ, биллэн турар, туора туран хаалыа суоҕа, өйөбүл, көмө оҥоһуллуо диэн улуус дьаһалтата иһитиннэрдэ.