Онтон 1994 сыл атырдьах ыйын 20 күнүгэр Борис Ельцин таһаарбыт ыйааҕынан, атырдьах ыйын 22 күнэ Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Судаарыстыбаннай былааҕын күнүнэн биллэриллибитэ. Ол күнтэн ыла хас сыл ахсын Арассыыйаҕа араас таһымнаах тэрээһиннэр, патриотическай аахсыйалар ыытыллаллар.
Тоҕо үс өҥнөөх?
Историята дириҥ силистээх-мутуктаах. Аан бастаан 1667 сыллаахха ыраахтааҕы Алексей Михайлович кэмигэр «Орел» диэн нуучча байыаннай хараабылыгар үс дьүһүннээх былаах күөрэччи ыйаммыта. Онтон Петр I ыраахтааҕы 1705 сыллаахха тохсунньу (20) 31 күнүгэр нуучча бары устар аалларыгар маннык былаахтары ыйыыр туһунан ыйааҕы таһаарбыта. Хас биирдии өҥө бэйэтэ туспа суолталаах. Ол курдук, маҥан – ыраас санааны, халлаан күөҕэ – чиэһинэй уонна эрэллээх буолууну, кыһыл өҥ – хорсун, эрдээх санааны, итиэннэ Аҕа дойду туһугар кыа хаанын тохпут дьону кэриэстиир суолталаах.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0