Ийэ үтүө аатын үрдэтэр сыаллаах 1998 сыл тохсунньу 30 күнүгэр бу бырааһынньыгы олохтуур туһунан РФ Бэрэсидьиэнин ыйааҕа тахсыбыт. Ийэ күнүн бэлиэтиири РФ госдуматын дьахтар, дьиэ кэргэн уонна ыччат дьыалатыгар кэмитиэтэ көҕүлээбит.
Саха сиригэр 27 тыһыынча курдук элбэх оҕолоох ыал олорор. Статистика көрдөрөрүнэн 2012 сылтан элбэх оҕолоох ыал ахсаана улаатар. Федеральнай ийэ хапытаалын таһынан Саха сиригэр иккис оҕоҕо эрэгэйиэннээҕи ийэ хапытаала төлөнөр. Бу суума быйыл индексацияланан 184 984 солк. буолбут.
2018 сылтан саҕалаан оҕолоох дьиэ кэргэн өйөбүлүгэр ыытыллар үп үс төгүл курдук улааппыт – 4,5 млрд солкуобайтан 12,8 млрд солкуобайга диэри.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0