Докумуоҥҥа: “РФ Экэнэмиичэскэй сайдыытын министиэристибэтин уонна РФ Үпкэ министиэристибэтин кытта сүбэлэһэн баран, 2020 сыл II кыбаарталыгар РФ иһигэр тииһинэн олоруу алын кээмэйин 11 468 солк диэри үрдэтэргэ”, – диэн суруллубут.
Министиэристибэ этиитинэн, үлэлиир нэһилиэнньэҕэ тииһинэн олоруу алын кээмэйэ 12 392 солк тэҥнэһиэҕэ, оттон биэнсийэлээхтэргэ – 9 422 солк, оҕолорго – 11 423 солк буолуоҕа.
Экэнэмиичэскэй сайдыы министиэристибэтэ уонна Үп министиэристибэтэ сокуон барылын өйөөбүттэр.
Тииһинэн олоруу алын кээмэйин сууматын (ТОАК) дьон айаҕын ииттинэригэр саамай наадалаах бородуукталар сыаналарын ортотун булан суоттаан таһаараллар. ТОАК көрдөрүүтэ хамнас төлөбүрүн алын кээмэйигэр уонна социальнай төлөбүрдэр кээмэйдэригэр дьайар.
Эрдэтээҕи докумуоҥҥа Үлэ министиэристибэтэ 2020 сыл I кыбаарталыгар тииһинэн олоруу алын кээмэйэ 10 843 солк тэҥнэстэ диэн быһаарбыта.
Парламентскай хаһыат матырыйаалынан.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0