«Биэс сыл устатыгар ол эбэтэр 2020 сылга ийэ хапытаала 453 026 солк. тиийдэ. Ол гынан баран, 2015 сылга инфляция 12,9%, 2016 сылга – 5,4% уонна салгыы кэлэр үс сылга хас да бырыһыаҥҥа тиийбитэ. Ол аата судаарыстыба оҕолоох ыалларга элбэх үбүн кэмчилээбит буолан тахсар. Онон ити иэһи төлөһөр кэм кэлбэтэҕэ буолуо дуо?» – диэн «Сиэрдээх Арассыыйа» баартыйа бэрэссэдээтэлэ Сергей Миронов сөптөөх санааны эппит.
Тустаах баартыйа РФ Госдуматыгар биэс сыл индексацияламмакка «тоҥоруллубут» иэһи ити кэмҥэ оҕоломмут ыалларга төлүүргэ аналлаах сокуон барылын оҥорон киллэрбит. «Ити харчы билигин төлөнүллэрэ буоллар элбэх ыал ипотекатын төлөһөн абыраныах этилэр. Дьиэлээхтэр дьиэлэрин иэнин кэҥэттэн киэҥ кыбартыыраны атыылаһыахтара турдаҕа», - диэн Сергей Миронов санаатын үллэстибит.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0